Төрөппүттэрин сүтэрбит оскуоланы бүтэрээччилэргэ үөрэххэ киириэхтэригэр дылы биэнсийэни төлүүр быраабы биэрэргэ этии киллэрдилэр. Маннык сокуон барылын Госдума үлэҕэ-хамнаска, социальнай политикаҕа уонна ветераннар дьыалаларыгар кэмитиэтин мунньаҕар көрөргө былааннаатылар, диэн «Парламентская газетаа» иһитиннэрдэ.
Докумуону депутаттар уонна сенатордар бөлөхтөрө оҥордо уонна ахсынньы 7 күнүгэр бастакы ааҕыыга ылылынна. Этии ааптара, «биир ньыгыл Арассыыйа» фракция салайааччытын солбуйааччы Андрей Исаев этэринэн, 18 сааһын туолбут оҕолор оскуоланы бүтэрэр түгэннэригэр үөрэххэ киириэхтэригэр диэри олорор үбэ-харчыта суох хаалаллар. Иитээччини сүтэрбиттэринэн биэнсийэни 18- гар диэри саастаах оҕолорго эбэтэр үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнээччилэргэ биэрэллэр.
Ийэтин эбэтэр аҕатын сүтэрбит оскуоланы бүтэрээччи үрдүк эбэтэр орто үөрэх кыһатыгар туттарсар кэмигэр маннык биэнсийэни ылыахтаах диэн парламентарийдар бэйэлэрин санааларын эттилэр.