2 Ыам ыйа 02.05
  • $ 91,78
  • 98,03

Хоту ыраах сытар нэһилиэктэригэр ас кэмигэр тиэрдиллэрин хааччыйыахтара

14:30, 01 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбата хоту улуустарын ыраах сытар нэһилиэктэригэр бородуукта кэмигэр тиэрдиллэрин хааччыйыа. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко хоту уонна Арктика улуустарыгар аһы-үөлү тиэрдиигэ «Росерзерва» тэрилтэни кытары үлэтин кэҥэтэрин иһитиннэрэр.


«Росрезерв» тэрилтэтэ хаачыстыбалаах уонна уһун болдьоххо биир сыананан хараллар табаардарынан хааччыйарга бэлэм.

«Сыл бүтүөр диэри «Росрезерв» «Якутоптторг» нөҥүө ас оҥорон таһаарыа. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ аһылыгы кэмигэр толору тиэрдэр былааннаахпыт», — диир Тарасенко.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА