Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссэй алтыс кылааһын бүтэрбит үөрэнээччилэр быйыл «Айылҕа ситимэ» бырайыак чэрчитинэн тэриллибит «Хочо олоҕо» диэн үс күннээх экспедицияҕа сылдьан кэллилэр. Бу туһунан кылаас салайааччыта Саргылана Игнатьева кэпсээтэ.
«Бырайыак ааптара, биология учуутала Анна Местникова көҕүлээһининэн, үөрэнээччилэрбитин уонна хас да төрөппүтү кытта бэртээхэй айаҥҥа-сырыыга баран кэллибит. Оҕолорбут автобуска олоруохтарыттан Анна Егоровна айылҕа, үүнээйи, көтөр-сүүрэр, баран иһэр сирбит-уоппут, мусуойдар тустарынан олус интэриэһинэйдик кэпсээн, айаммыт биллибэккэ хаалла. Маныаха Хаҥалас сиригэр тиийээт, бары Нөмүгү ыһыаҕар киирэн алгыс ылбыппыт аартыкпытын арыйда. Салгыы кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицын «чымадааннаах мусуойун» билистибит. Прокопий Романович айылҕа араас дьикти таастарын, хаһан, хантан булаттаабытын, бу таастар кистэлэҥнэрин, былыргы болоту, кылыһы, о.д.а. кэпсии-кэпсии көрдөрөн болҕомтону тарта. Бу кэнниттэн «Орто дойду» зоопаркаҕа, Аал Кудук Тэрчи турар мырааныгар сырыттыбыт, сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынныбыт. Онтон Өктөм оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүү бэйэтэ туспа умнуллубат тэрээһининэн буолла. Саастыылаахтар мустан санааларын атастастылар, оонньоотулар-көрүлээтилэр, ыкса доҕордостулар. Иккис күн Самартай хочотун үөрэтиигэ ананарынан, Хачыкааттан саҕалаатыбыт. Манна саха тылын учууталынан үлэлээбит, аҕыс уонун ааспыт ытык кырдьаҕас Гаврил Герасимов саха бастакы предпринимателлэриттэн биирдэстэрэ С.Барашков туһунан сырдатта, олоҕор Тииттээххэ сырытыннарда. Сонун сиргэ кэлбит кырачаан ыалдьыттар ытык кырдьаҕастан бэрт элбэҕи токкоолостулар», — диир Саргылана Ивановна.
Маны сэргэ, экспедиция кыттыылаахтара Булууска, Күрүлүүргэ сылдьан үүнээйи уратытын үөрэппиттэр. Айылҕа оҕолоро балаакка туруорарга, кутаа отторго, ыраах сылдьан хардарыта көмөлөсүһэргэ үөрэммиттэр, күннээҕи билиилэрин үллэстибиттэр. Сарсыҥҥы күнүгэр айан дьонун II Дьөппөн нэһилиэгэр, Самартай музей-комплексыгар Роберт Захаров көрсүбүт. Роберт Константинович тэлгэһэҕэ турар дьиэлэр историяларыттан саҕалаан араас элбэх кэрэни көрдөрбүт, кэпсээбит. Түмүккэ ыалдьыттар таҥара дьиэтин колокуонньатыгар тахсан Самартай кэрэ көстүүтүн кэрэхсээбиттэр, хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Айанньыттар Дьокуускайга төннөн иһэн билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатар сыаллаах, Тарыҥ күөлгэ киирэн бааҥканан хапчаакы оҥорон мундулаабыттар, үөнү-көйүүрү көрдөөн ууну оймообуттар. Булбуттарын, көрбүттэрин, истибиттэрин барытын сурунан, үөрэтэн, хаартыскаҕа түһэрэн, санааларын атастаһан, элбэҕи кэпсэтэн улаханнык астыммыттар. Сэргэхсийбит айанньыттар маннык экспедицияҕа өссө да барар баҕалаахтарын этэллэр. Итиэннэ кинилэри истиҥник көрсүбүт дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕолорго, куруутун өйөбүл буолар төрөппүттэригэр, учууталларыгар, суоппардарыгар махтаналлар. «Хочо олоҕо» хоһууннары иитэр, билии-көрүү аартыгар угуйар диэн киэн тутта этэллэр.