21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

ХИФУ учуонайдара Үөһээ Дьааҥыга баар улахан оҥхой сири чинчийиэхтэрэ

11:42, 11 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, ыам ыйын 11 күнүгэр ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын институтун учуонайдарын бөлөҕө Үөһээ Дьааҥы улууһугар экспедицияҕа барыаҕа. Кинилэр онно үөскээбит Батаҕаайка улахан оҥхой сири чинчийиэхтэрэ.


Научнай-чинчийэр институкка эппиттэринэн, учуонайдар бөлөхтөрүгэр Сассекс (Великобритания) профессора Джулиан Мертон кыттыһар.

«Батаҕаайка – ханна да суох улахан оҥхой сир 1960 сылларга муус ууллуутун түмүгэр үөскээбитэ биллэр. Оҥхой сир дириҥэ 90-100 м, үрдүгэ – 1 км.», – диэн институт дириэктэрэ Григорий Саввинов эттэ.

Профессор Джулиан Мертон, ирбэт тоҥу чинчийиини улаханнык сэргиир. «Экспедицияҕа мин хара буордаах сир кырсын үөрэтэр соруктаахпын. Манна 120 сыл аннараа өттүгэр үөскүү сылдьыбыт үүнээйилэр баар буолуохтарын сөп», – диир учуонай.

Оҥхой сир Үөһээ Дьааҥы бөһүөлэгиттэн 7 км. тэйиччи баар. Учуонайдар манна нэдиэлэ устата үлэлиэхтэрэ. «Оҥхой сир араҥатын чинчийиэхпит. Ирбэт тоҥ оҥхойугар үүнээйилэр силистэрэ, кыыллар кырамталара, кумах ардайдаах туой бааллар», – диир институт ыстаарсай үлэһитэ Петр Данилов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА