25 Сэтинньи 25.11
  • -20°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хатаска айар суол оһуордара аартыктары арыйаллар

14:02, 16 февраля 2023
Текст:
Фото: Наталья Руфова
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сатабыл, үөрүйэх, билии-көрүү быстыспат ситимнээхтэр. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус тыл, сатабыл туһунан өйдөбүлү быһаарарыгар кыылтан – сүөлтэн атыммыт, уратыбыт, иэдьэгэй мэйиибит эргитиитэ уонна уон бабыа тарбахтарбыт имигэс хамсаныылара эбит диэн суруйар. Тарбаҕыҥ имигэс, сатабыллаах буоллаҕына өйүҥ – санааҥ да тобуллаҕас буолуохтаах.

Биллиилээх учуонай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл У.А.Винокурова бу күннэргэ саха санаалаах, саха тыллаах кэрэхсии, сэргии көрсүбүт “Биһиги сахалар…” диэн кинигэтин сүрэхтээтэ. Онно сурулларынан чинчийээччилэр быһаарбыттарынан тымныы сир, о.э. Саха сирин олохтоохторун өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар. Тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр. Атыннык эттэххэ кырдьыга даҕаны саха киһитэ өйдөөх буолан сатабыллаах, сатабыллаах буолан өйдөөх. Сатыыра, оҥороро элбэх, мындыр буолан айылҕа, атын араас тас дьайыылартан саллан турбакка. Итинэн сибээстээн саха киһитин сатабылларыгар үөрүйэх буолууну нэһилиэнньэ бары араҥатыгар эккэ хааҥҥа иҥэрэргэ туһуламмыт үлэлэри Хатас нэһилиэгэр бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн ыытабыт.

Манна баар суох тумус туттар киһибит Мандар уус үөрэҕэр, эппитигэр олоҕуран биир сүрүн сыал, сүрүн тутулбут орто дойду ханнык баҕарар олохтооҕо (омугуттан тутулуга суох) тус бэйэтин эрэ Ийэ өйө, Ийэ Тыла кини өйүн-санаатын үлэтин түмэн сатабылга, үөрүйэххэ тиийэр.

Бу инники суруллубут санаалар чаҕылхай туоһулара Хатас олохтооҕо, СӨ «Норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, Хатас нэһилиэгин норуодунай маастара, “Тускул” КК иһинэн үлэлиир “Утум иис” түмсүү салайааччыта, уһуйааччыта Пестерева Анна Петровна күн бэҕэһээ “Симэх” норуот уус — уран оҥоһуктарын киинин Аржаков аатынан уулусса алтыс дьиэтигэр баар галереяҕа тус быыстапкатын туруорда.

Анна Петровна кэргэнинээн Павел Петровичтыын дьиҥ чахчы бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэн оҕолордуун, сиэннэрдиин көлүөнэ ситимин туппут, сахалыы өйү-санааны эттэригэр-хааннарыгар иҥэрбит ыаллар. Ол туһунан Анна Петровна маннык сэһэргиир:

– Тугу эмит оҥорор буоллуҥ да умсугуйан туран, утаппыттыы оҥоруҥ. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, умсугуйуу диэн наһаа улахан баҕа санаа уонна ол туһугар хамсаныы буолар. Баҕа санааҥ улахан, сыалыҥ соругуҥ чуолкай буоллаҕына муна – тэнэ барбакка сыаллаах – соруктаах үлэни оҥороҕун. Ол хаһан баҕарар кыайыылаах буолар. Ол баҕа санаа кыраттан саҕалаан улааттар улаатан иһиэхтээх дии саныыбын. Холобура киһи олоҕо ыллык суол курдук ардыгар кыарыыр, ардыгар кэҥиир, онтон эн чуолкай баҕа санаалаах буоллаххына ол ыллыгыҥ аартыгы булларар. Мин олох эдэр сылдьан ыалдьан доруобуйабынан хаарчахтанан хааллыбытым. Сорох түгэҥҥэ барар сирим баҕана үүтэ, кэлэр сирим кэлии үүтэ диэбит курдук буолбута. Дьэ оннук күннэргэ дьиэ кэргэн оруола сүрдээх улахан. Дьиэ кэргэммэр, ордук аҕабытыгар Павелга махталым муҥура суох. Аҕабыт миэхэ, мин аҕабытыгар сыһыаммытынан оҕолор иитиллибиттэрэ. Үчүгэй буоллун, куһаҕан буоллун бары бииргэбит диэн.

Анна Петровнаҕа төрүт иис кистэлэҥнээх, умсугутуулаах аартыгын Арассыыйа норуодунай, СӨ норуодунай маастарын Козлова Дарья Семеновна салайыытынан арыйбыта. Анна Петровнаны кытта сэһэргэһиигэ манныгы кэпсээбиттээх:

— Уопсайынан иис-уус, баайыы, уһаныы мин олох оҕо эрдэхпиттэн эппэр-хааммар, санаабар баар. Хайдах эрэ олоҕум кэрчик кэмин аайы иискэ-күүскэ сөптөөх дьону көрсөр эбиппин, бу олорон санаатахпына. Холобура оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан интернакка олорор эрдэхпитинэ бэйэбиттэн биир эрэ сыл аҕа, ис иһиттэн талааннаах, саҥаттан саҥаны саҕалыыр-көҕүлүүр Стручкова Анна Иннокентьевна дьүөгэлээх этибит. Оччолорго сукуна унтуу муодата кэлбитэ, онтукайбын тигэн баран хоруоҥкалаан киэргэтэн бэри диэн бэртээхэй оҥоһук тахсыбыта. Ону наһаа күндүтүк саныыбын. Аны ол кэнниттэн баайыынан үлүһүйэн эмиэ туһугар ол кэмнээҕи муодунай таҥастары оҥостор этим. Билигин ааспыты саас сааһынан сааһылаан –наардаан көрдөххө ол кэмтэн ылата баҕа санаа баар буоллаҕына баарыттан-суоҕуттан иҥнибэккэ санаабын уурбуппун оҥоро үөрэппит эбиттэр төрөппүттэрбит. Аҕам барахсан испииссэ суох диэн буоллаҕына билисипиэт көлүөһэтин испииссэтин сытыылаан-төбөлөөн, күрүчүөк суох диэн буоллаҕына сүүрбэлээх тоһоҕону чочуйан –аалан туттар тэрилим мэлдьи баар этэ, баайар сап суох буолан рейтузалары, суорҕаннары көтүрэн араас дьэрэкээн таҥаһы-сабы баайар этим.

Онтон кэлин кэргэн тахсан оҕолонон -урууланан, дьиэлэнэн-уоттанан, сиэннэнэн дьиэ-уот түбүгэ буолан элбэх сыл элэҥнээн аастаҕа. Ол тухары биллэн туран быар куустан баран олорботоҕум иис-күүс, быысапка, оҕуруо бөҕө буоллаҕа дии. Уопсайынан оҕо эрдэхпиттэн ийэбин-аҕабын кытта олох тэҥҥэ сылдьыбыт буолан быһыылаах бэл диэтэр уһанааччыбын. Дьиэм ис киэбин санаатым да уларытар идэлээхпин. Сороҕор уруһуй, кырааска, сороҕор обуой, сороҕор бүтүннүүтэ быысапка буолар.

2013 сылга библиотекаҕа Горохова Анфиса Афанасьева “Хатастыына» диэн кулуубу арыйбытыгар бэрт элбэх киһи мустубута. Онно мин олохпор саҥа сүүрээн, уларыйыы киирбитэ, ол Козлова Дарья Семеновнаны көрсүһүүбүттэн саҕаламмыта. Кини биһигини төрүт сахалыы иискэ, сииккэ, өҥү-дьүһүнү араарарга, таҥаһы- сабы таба таларга үөрэппитэ. Онон киниэхэ махталым муҥура суох. Билигин ис-туругум, санаам тугу эрэ өр баҕайы көрдөөбүппүн булбуттуу сүргэм көтөҕүллэн утаппыттыы үлэлии-хамсыы сылдьабын.

Ити үөһээ эппитим курдук сахалыы иис, ордук миэхэ иистэнии эрэ эйгэтин буолбакка олоҕу көрүүбэр, тус бэйэм олохпор бэл диэтэр доруобуйабар үтүө тыыны, сибиэһэй салгыны киллэрдэ. Түмсүү тэриммиппит төрдүс сылыгар барда. Бастаан арыыйда бытаан, аргыый наллаан курдук этибит. Онтон айар-тутар санаа долгуна улам ыга ылан билигин бары да үлэбит түргэтээтэ, тигэр хаачыстыбабыт тубуста. Түмсүүм хас биирдии киһитин олох чугастык ылынным, кинилэртэн миэхэ туох эрэ сып — сырдык, сып-сылаас кэлэр, айыах-тутуох санаам кэлэр.

Ити курдук айар тутар аартык суолларынан айаннаан элбэх араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан ылбыт үрдэллэрин сэгэтэр буоллахха “СахаЭкспо” быыстапка кыттыылааҕа, Санкт – Петербурга 11 төгүлүн ыытыллыбыт “Звуки и краски и белых ночей ” норуоттар ардыларынааҕы конкурска Лауреат, “Лоскутная мозаика Якутии” быыстапка кыайыылааҕа буолан, Иваново куоракка үлэтэ икки ый турбута, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин быыстапкатын кыайыылааҕа уо.д.а.

Ааспыт сылга саас айар суол Анна Петровнаны төрөөбүт төрүт дойдутугар Дүпсээҕэ тириэрдибитэ. Кинини үөрэ-көтө Дүпсүн дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Иван Иванович Федоров, Н.Е.Корнилов аатынан Дүөндү сынньалаҥ киинин директора Айнура Абдурашитовна Стручкова, уус уран салайааччы Ньургуяна Валентиновна Стручкова, Уус Алдан улууһун норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, «За вклад народного художественного творчества РС(Я)», Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Пелагея Васильевна көрүстүлэр. Быыстапка Дүөндү сынньалаҥ киинигэр буолбута. Анна Петровна быыстапкатын таһынан маастар кылаастары ыыппыта.

Олох баарын тухары эргиир диэн тыл өйдөбүлэ хаһан да бүппэт диэни кэпсиир – сэһэргиир Анна Петровна курдук өбүгэ үгэһин ойуу тылынан хотоҕостуу субуллар олох суолун толкуйдаан, тобулан, эт мэйиитигэр буһаран үйэтитэр дьон баарын тухары саха омук кэрэтэ, үтүөтэ баар буолуо. Кини үлэлэрэ өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитинэн, ииһин хаачыстыбатын таһыма үрдүгүнэн быыстапкалары көрөөччүлэр, иис эйгэтин дьонун, ииһи сыаналааччы үрдүк таһымнаах маастардар сыанабылларын куруутун ылар. Бэҕэһээ да оннук буолла. Ол курдук саха норуотун култууратын ис иһиттэн чинчийэн-үөрэтэн, анааран, үтүмэн үгүс талааннаах дьону киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт ытыктыыр, убаастыыр киһибит Я.В. Игнатьева быыстапкаҕа турбут үлэлэр ахсаан да хаачыстыба да өттүнэн таһымнара үрдүгүн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, Анна Петровна үлэлиир, айар-тутар эйгэтэ киэҥин сөхпүтүн эттэ. Яна Викторовна ордук Анна Петровна иистэнэр буочарыгар тохтоото – буочара олус ыраас, ис-киирбэх, оҥоһуктарын ис хоһоонноро киһиэхэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолан ханнык да быыстапкаҕа кытыннаҕына дьон болҕомтотун ылыан ылар диэбитин бары да киэн тутта, астына-дуоһуйа иһиттибит.

Быыстапканы туруорсубут, тэрийсибит Руфина Сметанина бэйэтин санаатын ханнык баҕарар иистэнэр, оҥорор-тутар киһи тус быыстапката айар-тутар суол өрөгөй түгэнэ буолар диэнтэн саҕалаата. Манна кини Анна Петровна аҕата ааттыын Өрөгөй Бүөтүр диэн анал, таптал ааттаах эбит диэн бэлиэтээтэ. Дьэ кырдьыга да оннук Өрөгөй Бүөтүр кыыһын Анна Петровна өрөгөй түгэнин үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэртэн санаабытыгар санаа эбилиннэ, айыахха-тутуохха баҕа санаа бөҕөргөөтө.

Бу тэрээһин туһугар сүүрбүт-көппүт, ис сүрэҕиттэн көмөлөспүт “Тускул” КК кэлэктиибигэр, ордук чуолаан “Симэх” норуот уус — уран оҥоһуктарын киинин быһаччы салалтатынан үлэлиир-хамсыыр Хатастааҕы “Дом ремесел” салайааччытыгар Татьяна Григорьевна Жирковаҕа Анна Петровна Пестерева уонна кини дьиэ-кэргэн махталлара муҥура суох.

Наталья Руфова, Хатас

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА