28 Кулун тутар 28.03
  • -13°
  • $ 92,59
  • 100,27

Ханнык төлөбүр сайабылыанньата суох ананыаҕай?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «электроннай больничнай» булгуччулаах буолар. Бу өссө элбэх төлөбүрү уонна босуобуйаны сайабылыанньата суох аныырга кыах биэрэр. Бу туһунан «Парламентская газета» хаһыакка сигэнэн СИА суруйда. 

«Декретнай» төлөбүрүгэр тэҥнээтэххэ оҕо төрөөбүтүгэр бэриллэр босуобуйа Россия ыалыгар барытыгар, кини дохуотуттан тутулуга суох, көрүллэр. Төрөппүт үлэ дуогабарынан үлэлиир эбэтэр фрилансер буоллун, үлэтэ суох буоллун эбэтэр ИП буоллун — ол босуобуйа кээмэйигэр  оруолу оонньообот. Суума 2021 сыл олунньутуттан — 18 886,32 солк тэҥ.

Урукку өттүгэр бу харчыны ылаары элбэх докумуон хомуллара: оҕо төрөөбүтүн туһунан ыспыраапка, иккис төрөппүт босуобуйа ылбатын туһунан ыспыраапка, о.д.а. Маны сэргэ сайабылыанньа суруллара: үлэтэ суохтар — социальнай көмүскэл уорганыгар, ИП-лар — социальнай харысхал Пуондатыгар.

2022 сылтан бу дааннайдар барыта судаарыстыбаннай систиэмэҕэ быһа тиийиэхтэрэ диэн Үлэ министиэристибэтэ эрэннэрэр. Холобур оҕо төрөөбүтүн туһунан иһитиннэрии — ЗАГСаттан.

Сиһилии https://ysia.ru/kakie-vyplaty-naznachayutsya-bez-podachi-zayavleniya/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА