16 Ыам ыйа 16.05
  • $ 73,13
  • 85,18

Халыма эбэҕэ Колымское сэлиэнньэттэн 20 км аллара муус тохтоото

14:02, 27 мая 2024
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Россия ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын суһал бөлөҕө Өлүөнэ уонна Халыма эбэлэргэ халаан уутун ааһыытын кэтээн көрөллөр.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта иһитиннэрэр, сэрэтэр үлэни ыыталлар, биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйар.

Өлүөнэ эбэҕэ муус хойуутук Эдьигээн уонна Булуҥ улуустарынан ааһар. Муус алын тардыыта Күһүүргэ бэлиэтэнэр, уу таһыма 1739 см, үөһэ тардыыта — Эдьигээн бөһүөлэгэр, уу таһыма 1026 см.

Муус хамсааһынын уһуна — 553 км, сууккаҕа 433 км сыҕарыйар. Муус төрдүгэр тиийиитэ бэс ыйын саҕаланыыта буолара борогунуостанар.

Сиһилии: https://ysia.ru/led-vstal-na-reke-kolyme-v-20-kilometrah-nizhe-ot-sela-kolymskoe/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА