29 Ахсынньы 29.12
  • -46°
  • $ 101,68
  • 106,1

Хайахсыттан Тарас Лукич Саҥа дьыллааҕы халлаан туругун анаарда

10:01, 24 декабря
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Билиҥҥи балысханнаах үйэбит тэтимнээх сайдыытын кытары ыксалаһан, эппиккэ диэри киһи билигин бити-билгэни даҕаны билиммэт буолан иһэрэ сылтан-сыл аайы улам улаатан иһэргэ дылы. Ол эрэн саха киһитэ, айылҕатын сиэринэн күн аайы халлаан туругун кэтээн көрөрө ханна барыай? Баар бөҕө буоллаҕа. 

“Ахсынньы 12, 21 күннэригэр уонна кэлээри турар 29  чыыһылаҕа эрэ аам-даам тымныытынан биллэрэн баран, сис былыт кэлэн сабардаан, хаһан да билбэтэх сылаас ахсынньыбыт ааһан эрэр.  Быйылгы кыһын  сылыйыыта туохха олоҕурда? Эрдэ эппитим курдук, 33 сылга биирдэ кэлэр Атлантическай акыйаантан тахсыбыт “Атлантическай циклон (сис былыт)” бүтүн Европаны, Азияны уҥуордаан, уһук Саха сиригэр, онтон салгыы Маҕадааны, Чукотканы хабан, улахан сылыйыы буола турар. Маны тэҥэ Чуумпу акыйаантан сүрдээх улахан циклон Охотскай муоранан тахсан, Өймөкөөнү,  Муоманы, Томпону сабардаан кэбиһэн, биһиги эҥэр бу күннэргэ уһуннук  сылыйда. Онон Тымныы полюһунан аатырар чысхаан тымныылаах Өймөкөөн улууһа быйыл ахсынньыга тымныытын “мэлдьэһэн” кэбистэ — бу күннэргэ -28С кыраадыс эрэ тымныы бэлиэтэннэ. Ааспыт сыллары анаарар буоллахха, ахсынньы бүтэһик сылыйыыта 1991 сыллаахха биллэн ааспыта.  

Саҥа дьылга хайдах күн-дьыл туруой? диэн миигиттэн үгүс дьон ыйытар. Ахсынньы 29, 30, 31, тохсунньу 1, 2 күннэригэр биллэ тымныйыаҕа: -40С-45С буолуоҕа. Ол эрээри өр тымныйбат — сыл аайы кэлэр сис былыт эмиэ тиийэн кэлиэҕэ. Онон  салгыы тохсунньу эмиэ сымнаҕас ый буолар чинчилээх. Олунньуга кылгас кэмҥэ, ордук киин улуустарга, Ороһооспо кэнниттэн нэдиэлэ курдук тымныйан ылыаҕа: -40С-45С. Онон бүтүөҕэ. Олунньу эмиэ сылаас күннэринэн хадаҕалыаҕа,” — диэн норуот ытыктыыр синоптига, “Хайахсыт нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Тарас Лукич Тарасов иһитиннэрэр.

Ааптап: Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА