Ил Дархан Айсен Николаев тохсунньу 30 күнүгэр Томпо оройуонугар сырытта. Хаандыгаҕа саахалланар туруктаах дьиэлэр хаһаайыттарын кытта көрүстэ. Маны сэргэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу хаамыытын кытта билистэ.
Томпо оройуонугар 149 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар. Уопсай иэнэ 69 тыһ. кв. м элбэх. Дьиэлэр 2012 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ саахалланар туруктааҕынан билиниллибиттэрэ.
Бырагыраама икки түһүмэҕинэн Хаандыгаҕа 2019-2020 сылларга 11 саахалланар туруктаах дьиэттэн 181 киһини көһөрөр сорук турар. Бу сыалга 286 мөл.солк. көрүллүбүт. Бырагырааманан 311 кв.м. иэннээх тоҕус саахалланар туруктаах дьиэни атыылаһыы, иккис ырыынакка биир олорор дьиэни уонна 85 олорор дьиэни тутулла турар дьиэттэн ылыы былааннанар.