Хаҥалас отчуттара бу күҥҥэ 12562 га сири охсон 14963,5 туонна оту бэлэмнээтилэр. Бу былаан 45%-на. Окко балтараа тыһыынчаттан тахса киһи, 471 тиэхиньикэ үлэлиир диэн, СИА иһитиннэрэр.
40 тыһынча сүөһү-сылгыны кыстатарга улуус үрдүнэн барыта 39 тыһ. туоннаттан итэҕэһэ суох от бэлэмнэниэхтээх. Билиҥҥитэ от хаамыыта үчүгэй.
«Улахан Аан, Иһит, Төхтүр, Хачыкаат, Булгунньахтаах тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара итиэннэ Кытыл-Дьураа, Өктөм, Уулаах Аан кэтэх хаһаайыстыбалара инники күөҥҥэ иһэллэр», — диэн улуус баһылыгын солбуйааччы Олег Иринеев кэпсиир.
Оттоммут оту тута сүөһү-сылгы кыстыыр сиригэр тиэйии-таһыы үлэтэ барар.
500 туонна окко өрөспүүбүлүкэ саппаас пуондатыгар сайаапка түһэн сытар, итэҕэс тахсар түгэнигэр улуус онтон толорунар былааннаах.
Улуус үрдүнэн барыта 40 тыһынча сүөһү-сылгы баар. Онтон 8426 тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар сылгылара, 9427 ынах-сүөһү, 13460 кэтэх дьон сылгыта.