Бүгүн, тохсунньу 28 күнүгэр, Покровскайга чөл олох тургурдааччылартан биирдэстэрэ, педагогическай наука кандидата Николай Платонов сырдык кэриэһигэр анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи XXXIVкыһыҥҥы сүүрүү ыытылынна.
Инньэ 1981 сылтан саҕаланан, оччолорго “Булгунньахтаах” сопхуос куоталаһыытыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнана сириэдийэн, үтүө үгэскэ кубулуйбут күрэхтэһиигэ ыраахтан-чугастан 400-чэкэ сүүрүүк кэлэн үс биэрэстэ дистанцияҕа куорат уулуссаларынан илин-кэлин түһүстэ. Манна университет студена, Горнай Мытааҕыттан төрүттээх Ньургун Софронов бастыҥ көрдөрүүлэннэ.
Бу тэрээһиҥҥэ анаан ыҥырыллан ыалдьыттаабыт “Россия рекортара” кинигэ кылаабынай эрэдээктэрэ Станислав Коненко 33,6 кыраадыс тымныыга маассабай сүүрүүгэ дойду рекорда олохтоммутун туоһулаата.
Күрэхтэһиини СӨ Спорка министиэристибэтэ (Михаил Гуляев), ХИФУ физкультурнай института (Дмитрий Платонов), Хаҥалас улууһун дьаһалтатын спорка управлениета (Юрий Никифоров) уонна Покровскай куорат “Спорт дыбарыаһа” МТ (Олег Иванов) уонна «Спорт Якутии» хаһыат редакцията (Александр Посельскай) тэрийэн, иилээн-саҕалаан ыыттылар.