Кулун тутар 25 күнүгэр Нерюнгрига спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр V өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада бырагыраамата саҕаланна.
Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа 20 спортсмен сайаапкалаах, ЯСИА-ҕа кылаабынай судьуйа Елена Татаринова эттэ. «Кыһыҥҥы спартакиадаҕа алта хамаанда баар — 20 кыттааччы. Эр дьон уонна дьахталлар, юниордар уонна юниоркалар. Көҥүл бырагырааманы кыттааччылар кулун тутар 29 күнүгэр көрдөрүөхтэрэ. Юниордар кулун тутар 28 күнүгэр Чульмаҥҥа эбии кылгас бырагырааманы толоруохтара», – диэтэ кини.
Судьуйалар спортсмен толорор техникатын сыаналыахтара — ыстаныы, эргийии, хардыылааһын, маны сэргэ бырагырааманы тириэрдиини, халтырыйыыны уонна хореографияны.