«Бүлүү» федеральнай суол кэлиҥҥи кэмҥэ лаппа тубуста. Холобур, Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ диэри аспаал ууруллан, массыыналаахтар ити икки ардын чаастан эрэ ордук кэмҥэ айанныыллар.
Бу суолга Горнай улууһун Маҕараһыттан Үөһээ Бүлүү Хоро нэһилиэгэр диэри баар нэһилиэнньэлээх пууннарга анал лаампалары туруоруохтара. Итини тэҥэ, «Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай суолларга сайыҥҥы сезону баттаһа муосталар тутуллуохтара, өрөмүөннэниэхтэрэ, мөлтөх учаастактары оҥоруохтара.
Барыта 140 км уһуннаах учаастакка үөһэ этиллибит үлэлэр ыытыллыахтара. «Икки федеральнай суолу ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоруу федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар. Ити үлэлэри үмүрүтүүгэ 2020 сылга 10 млрд. солк. көрүлүннэ», — диэн Бүлүү суолун управлениетын начаалынньыга Николай Андреев иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, быйылгы сезон саҕаланыыта федеральнайдааҕы таһымнаах икки суолга 12 км учаастак аспаалланыа. «Халыма» суолугар Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри учаастакка хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Итини тэҥэ, «Заячья петля» уонна «Нерский прижим» диэн өрө тахсыылар учаастактарын саҥардыахтара. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан Бүлүү өрүһү туоруохтаах күргэ бырайыага оҥоһуллуоҕа.
Источник: https://www.sakhaparliament.ru/sa/ekeniemike/1386-10