22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Эпосы мира на земле потомков Джангара" бэстибээлгэ Саха сирэ кытынна

17:28, 28 сентября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойдуга норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылларынан сибээстээн, Калмыкия Өрөспүүбүлүкэтин килбэйэр киинигэр, Элиста куоракка дойдулар икки ардыларынааҕы «Эпосы мира на земле потомков Джангара» фестиваль буолан ааста. Сирия, Киргизия, Чечня, Башкортостан, Татарстан, Тыва, Алтай, Бурятия, Хотугу Осетия-Алания, Ставрополь кыраайын, Астрахань уобалаһын, Калмыкия уонна Саха сирин дэлэгээссийэтэ кытыннылар.

Тэрийээччилэр чуолаан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ халыҥ дэлэгээссийэнэн кэлбитин бэлиэтээтилэр. Ол курдук бэстибээлгэ Саха норуоттарын фольклордарын уонна муусукаларын Музейын методиһа Варвара Обоюкова салайааччылаах Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта уонна Сунтаар улуустарын олоҥхоһуттара кытыннылар.
Чурапчы улууһуттан Сусанна Лазарева, Николай Григорьев, Анатолий Христофоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Акисиния Степанова, Таатта улууһуттан Людмила Цой, Алексей Николаев уонна Сунтаар улууһуттан Михаил Евсеев «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Буура Дохсун», «Дуулаҕа Баатыр», «Күн Эрили» уонна авторскай олоҥхолортон быһа тардан толордулар.
Маны таһынан Саха сирин дэлэгээссийэтэ норуот тылынан уус-уран айымньы инникитин, көлүөнэлэр солбулсууларын тула төгүрүк остуолларга кытыннылар, бэйэ уопутун кытта үллэһиннилэр.

Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас улууһун Гаврил Колесов аатын сүгэр Олоҥхо Дьиэтин дириэктэрэ Евдокия Иванова сылын аайы ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарын түмүктэрин, саха эпоһын харыстааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ туох үлэ ыытылларын сырдатта.

Салгыы Клавдия Максимова-Сайыына төрүттээн хаалларбыт, Дьокуускай куоракка үлэлии турар «Көмүлүөк» култуура дьиэтин салайааччыта Домна Потапова уонна специалист Марина Ушницкая билиҥҥи кэмҥэ саха киһитэ олоҥхону дьалкытан таһаарар умнуллубут ньыманы хайдах туһаналларын, ону холобурдаан кэпсээбиттэрин дьон олус сэҥээрдэ.

Бэстибээл түмүгүнэн бөлөх салайааччыта Варвара Обоюкова бу курдук санаатын үллэһиннэ:

— Калмыктар эпостарын Джангары (биһигинэн Олоҥхо) олус өрө тутар эбиттэр. Ол курдук 1910 сыллаахха валикка суруллан хаалбыт Ээлян Овла толоруутугар уон ырыаны булан, ону үөрэтэн, билиһиннэрэн, тарҕата сылдьаллар эбит. Сылын аайы өрөспүүбүлүкэлэрин иһинэн джангардары (олоҥхоһуттары) түмэн араас куонкурустары тэрийэр, ону кытта быйыл буолан ааспытын курдук дойдулар икки ардыларынааҕы таһымнаах бэстибээллэри икки-үс сылга биирдэ тэрийэр үтүө үгэстээх эбиттэр.

Ол эрээри Калмыкияҕа төрөөбүт тылы харыстааһын боппуруоһа сытыытык турара билиннэ. Холобур, билиҥҥи кэмҥэ уонча джангардаах эбит буоллахтарына, үксүлэрэ саастаах дьон эбит. Саамай аҕа саастаахтара — 80-тан тахсыбыт Андрей Очир Горяев. Ол оннугар эдэр көлүөнэ төрөөбүт тылтан тэйэн эрэр эбит. Онуоха холоотоххо, Саха сиригэр тылга, төрүт үгэстэргэ, фольклорга харыстабыл сыһыана баарын араас дойду бэрэстэбиитэллэрэ сыаналаатылар.

Биһиги Калмыкия киинигэр, Элиста куорат хабыллар хаба ортотугар джангар Ээлян Овлаҕа аналлаах сүүнэ улахан монуменнаахтарын бэлиэтии көрдүбүт. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэлэригэр «Норуодунай джангарчи» диэн анал үрдүк ааттаах эбиттэр. Биһиэхэ бу курдук холобурдар суохтар эрээри быйылгыттан өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев сэттэ бастыҥ олоҥхоһукка стипендия аныахтаах. Ол туһунан сэтинньи 25 күнүгэр, Олоҥхобут күнүгэр этиллиэҕэ.

Бэстибээлгэ Саха сирин олоҥхону толорооччуларын таһынан Норуот маастардара кытыннылар. Холобур, Ульяна Нохсорова Былатыан Ойуунускай, Устин Нохсоров, Сергей Зверев уонна Гаврил Колесов мэтириэттэрин оҕуруонан анньан оҥорбутун тэрээһин кыттыылаахтара олус сэҥээрдилэр. Анисия Федорова XIX-XX-с үйэтээҕи саха дьахтарын уонна эр киһитин, ону таһынан сүктэр кыыс таҥастарын, ат симэҕин илдьэн быыстапкаҕа туруруоран, эмиэ дьон болҕомтотун бэркэ тарта.

Маны таһынан Калмыкия учуонайдара Саха сирин учуонайдарын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Ол курдук «Олоҥхо» национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков филологическай наука доктора Тамара Басанговаҕа икки докторы уонна уонча кандидаты, фольклористары бэлэмнииргэ уурбут сыратын иһин уонна эмиэ наука доктора Байарта Манджиева үлэтин бэлиэтээн туран Махтал суругу ыыппытын, ону кытта Олоҥхобут кииниттэн биэс учуонайга Махтал суруктары туттардыбыт.

Бу барыта аҥаардас Олоҥхо эрэ буолбакка, атын омуктар эпостара тэҥҥэ хардыылаан иһэллэрин сыаналааһын буолар. Онон хардарыта бэлиэтээһин буолан ааспыт тэрээһини күүһүртэ диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Ааптар: РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Анфиса Слепцова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА