16 Олунньу 16.02
  • -24°
  • $ 77,19
  • 91,56

Элбэх оҕолоох ыаллар социальнай хантараак көмөтүнэн массыыналаналлар

12:01, 23 декабря 2020
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл  Саха сирин биэс 10 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыала социальнай хантараак көмөтүнэн массыыналанна. Биир кэмнээх көмө харчы кээмэйэ быйыл 745 241 солкуобайга тэҥнэспит.


Нам улууһун Хомустаах нэһилиэгин олохтоохторо Махаровтар социальнай хантараак харчытыгар бэйэлэрин харчыларын эбэн, 2019 сыллаах Хендэ Солярис массыынаны ыллылар. Сыл бүтүөр диэри өссө биир ыал массыына күлүүһүн тутуо.

Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, быйылгы дьылга ити сыалга уопсайа 3,7 мөл солкуобай көрүллүбүт. Бүтэһик үс сылга массыынаны барыта 15 өрөспүүбүлүкэ ыала ылбыт. Итиннэ 11 мөл солкуобай көрүллүбүт.

Биир кэмнээх көмө харчы 10 эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыалга уонна иитиэх ыалга төлөнөр. Көмөнөн туһаныан баҕалаахтар олорор сирдэринэн социальнай харалта уорганнарыгар сайаапкаларын биэрэллэр. Харчыны уочаратынан төлүүллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА