22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Элбэх оҕолоох ыаллар чэпчэтиилээх ипотеканы туттууларын хайысхата кэҥиэҕэ

16:01, 04 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох ыаллар чэпчэтиилээх ипотеканы туттар кыахтарын эбии тэнитэр. Ол туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин ахсынньы 3 күнүнээҕи мунньахха эттэ.


«Элбэх оҕолоох ыаллар чэпчэтиилээх ипотеканан туттууларын кыаҕын тэнитиигэ сокуон барылын көрөбүт. Бу кинилэргэ ананар социальнай өйөбүллэртэн биир саамай наадалаах миэрэлэринэн буолар», — диэтэ Михаил Мишустин.

Мишустин бэлиэтээбитинэн, ипотекаларыгар ылбыт кирэдьииттэрин сабыыга 450 тыһ солк диэри сууманы судаарыстыбаттан ылар бырааптаахтар. Маннык өҥөнөн 50 тыһ кэриҥэ Россия ыала туһанна.

«Билигин элбэх оҕолоох төрөппүттэр бу судаарыстыбаттан көрүллэр үптэрин дьиэ атыылаһыытыгар эбэтэр туттуутугар эрэ буолбакка, өлүүлээн тутууга дуогабарынан тутулла турар дьиэттэн ылыылара эмиэ көҥүл буолла. Маны сэргэ өрөмүөҥҥэ, эбэтэр дьиэ-тутар кээпэрэтиип чилиэни быһыытынан паай усунуоһуггар туттуон сөп», — быһаарда премьер-миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА