Саха сирин ситэриилээх былааһын уорганыгар салайар каадырдары уларытыы чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы – экономика миниистирэ э.т. дуоһунаһыгар Алексей Стручкову анаата.
Бүгүн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова биэдэмистибэ коллективыгар саҥа салайааччыны билиһиннэрдэ.
«Алексей Александрович Россия Президенин салалтатынан үлэлиир Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр мунньуммут үлэҕэ уопута министиэристибэ федеративнай сибээһин дириҥэтиигэ көмөлөөх буолуоҕа», — диэтэ кини.
«Билиҥҥи судругута суох, өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайыннарыыга быһаарыылары ылар тоҕоостоох кэмҥэ маннык этииттэн аккаастанар сөбө суох», — диэтэ Алексей Стручков.
Галина Данчикова бэлиэтииринэн, күннээҕи соруктары таһынан министиэристибэ «Стратегия-2030» үөскэтиэхтээх, ону таһынан 2050 сылга диэри болдьохтоох былаан оҥоһуллуохтаах. «Бу – дьоһун үлэ», — диэтэ кини.
Саха сиригэр соторутааҥҥыта эдэр экономистар форумнара буолан ааспыта. Онно кинилэр регион сайдыытыгар туһуламмыт бэйэлэрин санааларын үллэстибиттэрэ. «Маны ымпыктаан ырытыахха наада, интэриэһинэй санаалар, этиилэр бааллар», — диэн СИА-ҕа Алексей Стручков эттэ.
Тутаах миниистирдэри уонна кинилэр солбуйааччыларын парламент бигэргэтиэхтээх. Алексей Стручков кандидатуратын депутаттар уочараттаах пленарнай мунньахтарыгар муус устар 26 күнүгэр көрүөхтэрэ.