Егор Саввинов: «Үлэлииргэ, олорорго табыгастаах бары усулуобуйаны тэрийэр соруктаахпыт»
- «Биһиги кыһалҕабыт биир – кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонуу. Туруорсар боппуруоспут билиҥҥитэ сыҕарыйбакка турар. Хоту сиргэ олорор дьоҥҥо ити кыһалҕа барыбытын бастакы уочарат долгутар. Бу хайысхаҕа туһааннаах үлэ бардаҕына, ититэр ситимҥэ холбоннохпутуна, дьон даҕаны үлэлии-хамсыы хаалыа, көһөн барыы даҕаны аччыа этэ. Үлэлииргэ, олорорго табыгастаах бары усулуобуйаны тэрийэр соруктаахпыт.
- Сир түҥэтиитигэр сыһыаннаах ылыллаары турар федеральнай сокуоҥҥа дьон санаата араас: ким эрэ утарсар, сорохтор сөптөөх дииллэр. Биһиэхэ үлэлии, саҥа сүүрээни киллэрэ кэлбит киһини кырыы харахпытынан көрбөппүт биллэр. Онон хоту үлэлиирдии оҥостон кэлбит киһиэхэ сири биэриэххэ сөп дии саныыбын. Оттон албыннаан, чиэһинэйэ суохтук сир ыла сатыыр буоллахтарына – табыллыбат. Оннугу утарабын.
- Ил Дарханы кытта көрсүһүүгэ баһылыктар эбии үбүлээһин боппуруоһугар тохтообуттара оруннаах. Үп баар буоллаҕына, элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тупсаран оҥоруу сыла биллэриллэн, 1000-тан тахса нэһилиэнньэлээх сэлиэнньэлэргэ 1,5 мөл. солк. кээмэйдээх үп көрүллэрин туһунан этиини үөрэ иһиттибит. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһуланар туспа харчы бэриллэрин эмиэ сэргээтибит.
- Билигин нэһилиэктэр аһыы утаҕы бобор сокуону ылыналлара, биллэн турар, хайҕаллаах. Мин санаабар, уопсастыба бэйэтэ көҕүлээччи буолуохтаах. Маны таһынан, бу сокуону ылынарга нэһилиэнньэ бэлэм буолара табыллар – аһыы утах содулун, үчүгэйгэ тиэрдибэтин өйдүөхтээх, билиэхтээх уонна билиниэхтээх. Кыһарыйыы-хабырыйыы манна суох буолуохтаах. Ону өйдөөбөт олохтоохтору сокуонунан даҕаны кыайбаккын» — диэтэ баһылык.
- Ил Түмэн пресс-сулууспата