24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Үөһээ Халыма балыксыттара уонна табаһыттара эрдэлээн куоластаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Халыматааҕы учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэттэрэ суола-ииһэ суох таба ыстаадаларынан, балыксыттар учаастактарынан сырыттылар. «Полярные авиалинии» АХ бөртөлүөтүнэн уонна уу мотуордарынан айаннаатылар.

Үөһээ Халыма улууһун Уутайыгар тиийэн, табаһыттар быыбардыыр бырааптарын толоттордулар. Бастаан бөртөлүөтүнэн көттүлэр, салгыы үрэҕи туораатылар.

111 быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Мария Антипова уонна Алексей Дьячков балыксыттар учаастактарыгар тиийэ сырыттылар. Уу мотуорунан айаннаатылар. Инчэҕэй хаар түһүүтэ, күүстээх тыал хамыыһыйа бэрэстэбиитэллэрин тохтоппотулар. Үс маршрутунан хас эмэ хонугу быһа эрдэлээн быыбары ыыттылар.

Миэстэтигэр куоластааһыҥҥа бэрээдэги кэһии тахсыбата, суруйда https://www.instagram.com/kolnews.ru/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА