12 Ахсынньы 12.12
  • -42°
  • $ 103,27
  • 108,56

Дьокуускайга спортсмен-олимпиец Роман Дмитриевка анаммыт өйдөбүнньүк миэстэ арылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускайга 202 микрооройуоҥҥа Олимпийскай чемпион Роман Дмитриевка анаммыт өйдөбүнньүк миэстэ арылынна. Кытыл уһуна биир килэмиэтиртэн ордук уонна куорат сөтүөлүүр сирин хабар, суруйар ЯСИА.

Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин telegram-ханаалыгар бэлиэтээбитинэн, кытыл иккис уопсастыбаннай сир, Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэрии бырагырааматынан.  Манна ыскаамыйалар, хачыаллар, тренажердар, ол иһигэр Дмитрий Коркин айбыт үөһэ дабайар маһа баар, сцена, бэлэсипиэтинэн хатааһылыыр сир, саҥа сырдатыы оҥоһулунна. Кытыл уулуссата саҥардылынна.

«Биһиги куораппытыгар маннык үтүө миэстэлэр баар буолалларыттан киһи үөрэр. Роман Дмитриев аатынан кытыл Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын сөбүлээн сылдьар сирдэрэ буоларыгар эрэнэбин», — диэн суруйда Ил Дархан бэйэтин иһитиннэриитигэр.

Саҥа арыллыбыт эбийиэккэ куорат сөтүөлүүр сирэ киирсэр, тупсарыы үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар. Холобур, суолун өрөмүөнэ Хабаров аатынан уулуссаттан саҕалаан, тыылар турар ыстаансыйаларыгар диэри оҥоһуллар, кытыл кытыытыгар массыына тохтуур сирэ баар буолуоҕа.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

«Роман Михайлович Дмитриев биллэр уопсастыбаннай деятель этэ, кини спорду уонна спорт хамсааһынын көҕүлээбит, тустууну аан дойдуга ааттаппыт киһи буолар. Кини элбэх иитээччилээх, үөрэнээччилээх, спортка сулустардаах. Билигин ол дьон аан дойду пьедесталларын баһылыыллар», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Өйдөбүнньүк миэстэ арыллыытыгар 1972 сыллааҕы Олимпиада кыайыылааҕын кэргэнэ  Антонина Дмитриева кыттыыны ылла. «2018 сыллаахха Роман Михайлович аатын үйэтитиигэ этии киирбитигэр тута сөбүлэспитим. Сорохтор сөбүлээбэтэхтэрэ, олимпиец аата киин уулуссаҕа эрэ бэриллиэхтээх диэбиттэрэ. Ити эрээри билигин эһиги бу манна суруллубут историяны ааҕан баран өйдүөххүт, кини олоҕун тухары таптала — Өлүөнэ эбэтэ этэ», — диэн кини санаатын эттэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА