24 Сэтинньи 24.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Дьокуускайга Сайсары уокуругуттан 358 бэйдиэ сылдьар ыты туттулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Даача сезона бүтэн, бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана куорат кытыы уулуссаларыгар сыыйа элбээн эрэр. Ол курдук, бу сыл алтынньы 2-8 күннэригэр Дьокуускай куорат Сайсары уокуругуттан 18 бэйдиэ сылдьар ыты туппуттар.

Сыл саҕаланыаҕыттан бу уокуруктан уопсайа 358 ыты туппуттар. Билиҥҥи туругунан, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэ ыытылла турар. Биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа — 44-42-51 нүөмэргэ эрийэн сайаапкалары түһэриэххэ сөп. Маны сэргэ, хас биирдии уокурукка сыһыарыылаах чат-бот нүөмэрдэргэ эмиэ суруйуохха, хаартыскалаан ыытыахха сөп.

Бэлиэтээн суруйдахха, хаһаайыннаах ыттар босхо сылдьан киһиэхэ саба түһэр түгэннэригэр миэрэ кытаатан турар. Урукку өттүгэр ыт ытырыытын иһин ыстараап 1000-1500 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр буоллаҕына, билигин ити суумма уон төгүл үрдээбитэ. Ыттаах хаһаайыттар иитэр кыылгыт иһин эппиэтинэһи сүгэргитин умнумаҥ!

Ульяна Захарова, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар