19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Дьокуускайга үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ 27,5 мөл солкуобайтан тахса үбү нолуоктан кистээбит

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга үөрэх тэрилтэтин дириэктэрэ 27,5 мөл. солк. тахса суумалаах үбү нолуоктан кистээбит. Инньэ гынан, кини хамсаабат баайын туппуттар диэн диэн СИА кэпсиир.

«Дьахтар үбү тэрилтэ счетуттан билсэр үлэһиттэрин тус баан каарталарыгар көһөтөрбүт, онтон ол түспүт харчыны каассаҕа төннөрөллөрүн ирдээбит», — диэн силиэстийэлиир хаамыыһыйа пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

Силиэстийэлээччилэр быһаарбыттарынан, дьахтар уопсайа 27,5 мөл. солк. тахса харчыны нолуоктан кистээбит. Дьокуускайга буруйданааччы хамсаабат баайын туппуттар.

Билиҥҥи кэмҥэ холуобунай дьыаланы Дьокуускай куорат суутугар ыыттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА