«Преображения» сүрүн тэрийээччитинэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ буолар. Бырайыакка спорт министиэристибэтэ уонна атын сыһыаннаах биэдэмистибэлэр кытталлар. Дьахталлар медицина чинчийиитин аастылар, сөптөөх аһааһын марафонугар кытыннылар, кинилэргэ диетолог быраас көмөлөстө. Спортивнай бырагыраамата үс ый буолар.
«Кыттааччылар бырайыак бүтүүтэ иккистээн медицина чинчийиитин ааһыахтара, тугу ситиспиттэрин көрүөхтэрэ. Билигин идэлээх тренер Гаврил Винокуровы кытта дьарыктаналлар. Бырайыак сабыллыытыгар дефиле буолуоҕа, онно визажистар уонна стилистар үлэлэһиэхтэрэ», — диэтэ уопсастыбаннай доруобуйа киинин кылаабынай бырааһа Юлия Спиридонова.
Эрдэ «Преображение» бырайыагы 2022 сыллааха ыыппыттара.