18 Ыам ыйа 18.05
  • $ 73,13
  • 85,18

Дьокуускайга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго үөрэх комплекса баар буолуоҕа

17:29, 06 февраля 2023
Читайте нас на

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анаммыт оскуолалаах, дьыссааттаах үөрэх комплекса Дьокуускайга 2024 сылга баар буолуоҕа. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэтээҕи речевой оскуола саҥа дьиэтэ үлэҕэ киириитигэр эттэ.

«2024 сыл бүтүүтэ Сэргэлээх шоссетыгар доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорбутугар анаан ураты үөрэх комплекса тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Манна оскуола уонна дьыссаат тэҥинэн баар буолар. Биһиги партнёрдарбыт,  «ВЭБ.РФ» госкорпорация этэринэн, бу комплекс Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Россияҕа ураты тутуулааҕынан биллиэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, оҕолор аныгылыы сайдыылаах олоххо тэриллибит усулуобуйаҕа үөрэниэхтээхтэр, онно Саха сирэ баар кыаҕы толору туһаныаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА