Бэнидиэнньиккэ Toyota Hiace массыына Дьокуускай куорат 41 №- дээх маршрутнай оптуобуһун кытта харсыбыт. Саахал Ойуунускай — Петровскай уулуссаларын холбоһор суолларыгар таҕыста, диэн Саха сиринээҕи ГИБДД пресс сулууспата биллэрэр.
Бастакы чахчыларынан, суһал медицинскэй көмө биригээдэтэ балыыһаҕа биэс киһини илдьэ барбыт. Суол быһылаана быһаарыллар.