Ахсынньы 8 күнүгэр суһал көмө дьуһуурунай биригээдэтэ Дьокуускай куорат Сэргэлээх суолугар баар дьиэ истиэнэтиттэн эр киһини өрүһүйдүлэр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Сэргэлээх суолугар баар дьиэ олохтоохторуттан, дьиэ маҥнайгы мэндиэмэнин истиэнэтиттэн, быһыыр туһунан көрдөһөр киһи хаһыыта иһиллэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Биллибитинэн, эр киһи дьиэ 10-с мэндиэмэнигэр техническэй этээскэ сылдьан салгын ааһар дьөлөҕөһөр хаатыҥкатын түһэрбит. Ону хостоору дьөлөҕөскө түспүт уонна 28 миэтэрэ кэриҥэ аллараа сууллан, маҥнайгы этээс таһымыгар истиэнэ быыһыгар төбөтүнэн аллараа кыбыллыбыт», — диэн этиллэр.
Быһааччылар этэллэринэн, эр киһи шахта дьөлөҕөһө кыараан тыыннаах хаалбыт. Ону тэҥэ түспүт хаатыҥката түһүүтүн сымнаппыт. Исписэлиистэр эмсэҕэлээбит киһини истиэнэттэн ороон, суһал көмө биригээдэтигэр тиксэрбиттэр.