Норуокка «боростутуутка» диэн үөҕүү аҥаардаахтык ааттанар дьахталлар биллибэтинэн биһиги куораппытыгар да бааллар. Полиция оперативниктара хам-түм итинник «идэнэн» дьарыгырааччыларга «облава» оҥороллор.
Дьокуускай куоракка кулун тутар 7-11 күннэригэр интимнэй өҥөнү оҥорор дьахталлары буларга туһуламмыт суһал-сэрэтэр эпэрээссийэ ыытылынна.
Эпэрээссийэ түмүгэр 10 дьахтар тутуллубут.
Бэрэбиэркэ быһаарбытынан, бу дьахталлар баһыйар ахсааннара дойду араас муннуктарыттан кэлбиттэр — Алтайтан, Краснодарскай кыраайтан, Новосибирскайтан, Иркутскай, Амурскай уобаластартан, Беларусьтан уонна бэл диэтэр, Узбекистантан.
Бу тутуллубут дьахталларга барыларыгар административнай боротокуол толоруллубут (6.11 ыстатыйанан).
Ону тэҥэ, өҥө оҥорор аадырыстарыгар илдьэр-аҕалар суоппардар эмиэ тутуллубуттар. Кинилэргэ 12.27-с ыстатыйанан административнай боротокуоллар толоруллубуттар.
Бу туһунан Дьокуускай куорат полициятын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.