22 Тохсунньу 22.01
  • -21°
  • $ 99,93
  • 103,29

Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысханан 30 туоннаҕа диэри уйуктаах техника айаныгар көҥүл бэрилиннэ

11:01, 21 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр тохсунньу 20 күнүттэн Өлүөнэ эбэни туоруур муус суолга Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан техника уйугун 30 туоннаҕа диэри көҥүллээтилэр. Ол туһунан «Бүлүү» суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Айан суолугар куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан уйук нуорматын кэспэккитигэр, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥыраллар.

Санаттахха, Булуҥ оройуонугар «Булуҥ» кыһыҥҥы суол арылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА