Саха сиригэр коммерческайа суох сыалга туттуллар дьоҕус суудуналарга навигацияны сабыы саҕаланна. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ тырааныспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр, диэн СИА кэпсиир.
Балаҕан ыйын 25 күнүттэн навигация Үөһээ Бүлүү, Дьаҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана уонна Булуҥ оройуоннарыгар сабыллар.
Алтынньы 7 күнүттэн -Амма, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус- Алдан, Хаҥалас уонна Чурапчы оройуоннарыгар, ону тэҥэ Дьокуускай уонна Жатай куорат уокуруктарыгар уунан сырыы тохтуоҕа.