«Салгын аалынан таһааччыларга субсидия индексацияланыыта чэпчэтиинэн туһанар гражданнар билиэттэрэ 2018 сыллааҕы сыананан хааларыгар кыаҕы биэриэ», — диэн Интерфакс иһитиннэрэр.
Дойду бырабыыталыстыбата Уһук Илин регионнарыгар уонна төттөрү көтүүгэ пассажирдар субсидиялаах маршруттарын кэҥэттэ. 2020 сылга субсидиялаах хайысха ахсаана 176 диэри улаатыа. Билигин бу бырагыраамаҕа 152 маршрут баар.
«Салгын аалынан дьону таһарга субсидия ортотунан 30% индексацияланыа. Бу чэпчэтиинэн туһанар гражданнар билиэттэрин сыанатыгар өйүөктээх буолуо. Маннык пассажирдар билиэттэрин сыаната былырыыҥҥынан оннугар хаалыа — эконом-кылаастаах миэстэ коммерческай тарыыбын сыанатыттан 50% тутуллуо», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Чэпчэтиилээх көтүтүүнэн РФ 23 диэри саастаах, 60-нарыттан үөһэ саастаах (дьахталларга — 55-иттэн үөһэ), инбэлииттэр уонна кинилэри арыаллааччылар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн туһаныахтарын сөп.
Агентство иһитиннэрэринэн, 2019 сыллаах субсидиялаах маршруттар испииһэктэрэ 2018 сыл ахсынньытыгар Росавиациянан бигэргэммит. Хара маҥнайгыттан ол испииһэккэ 90 хайысха уонна 10 авиахампаанньа, олор истэригэр «Аэрофлот», S7, «Уральские авиалинии», «АЛРОСА», «Якутия», NordStar киирбиттэрэ.
«Бастаан бу бырагыраамаҕа 2,9 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ, ол эрээри «Аэрофлот», сотору кэминэн, чэпчэтиилээх билиэттэр атыыланан бүппүттэрин иһитиннэрбитэ. Кэлин бырабыыталыстыба 2,5 миллиард солкуобайдаах субсидияны аныырга сөбүлэҥин биэрбитэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр, диэн суруйар НВК «Саха».