Саха сирин баһылыга Егор Борисов 2016 сыл от ыйын 27 күнүнээҕи каадыр туһунан быһаарыытынан Левин Гаврил Прокопьевич дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергиэтикэ миниистиринэн ананна.
Гаврил Левин 1959 сыллаахха Кэбээйигэ төрөөбүтэ. 1990 сыллаахха Новосибирскайдааҕы электротехническэй институту бүтэрбитэ, «промышленнай тэрилтэлэргэ, куораттарга уонна тыа хаһаайыстыбатыгар электроснабжение» идэтин, «инженер-электрик» квалификациятын ылбыта. 2005 сыллаахха РФ бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир менеждмент уонна маркетинг институтун үрдүкү оскуолатын бүтэрбитэ уонна «Мастер делового администрирования – Master of Business Administration/MBA» квалификацияны ылбыта.
1976-1978 – «Кэбээйи» сопхуос оробуочайа.
1978-1980 – Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспа.
1980-1984 – «Кэбээйи» сопхуос киин электростанциятын дизелист-электригэ.
1985-1988 – 5-с разрядтаах электромонтер, ДЭС ыстаарсай инженерэ, «Кобяйсельхозэнерго» кылаабынай энергиэтигэ.
1988-1993 – «Якутскэнерго» РЭУ Кэбээйитээҕи газовай электрическэй станция начальнига.
1993-1995 – «Кэбээйи» сопхуос дириэктэрэ.
1995-2002 – «Якутскэнерго» РЭУ Кэбээйитээҕи газовай электрическэй станция кылаабынай инженерэ, иккис бөлөх маастара, начальник.
2002-2013 —«Сахаэнерго» ААО генеральнай дириэктэрин солбуйааччы.
2013-2014 –«Теплоэнергосервис» ААО генеральнай дириэктэрин солбуйааччы.