22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Дьиэ кэргэн ипотекатын" биир оҕолоох ыал ылыа

17:01, 27 июля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Дьиэ кэргэн ипотекатын» ылыы судургутуйда. Саҥа усулуобуйанан ипотеканы биир оҕолоох да ыал ылыан сөп буолла. Маныаха ипотеканы 2023 сылга диэри туһаныахха сөп. Бу туһунан СИА Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолоох дьон ипотекаҕа хапсыахтара.

Кирэдьиит муҥутуур суумата Москубаҕа, Москуба уобалаһыгар, Санкт Петербурга, Ленинградскай уобаласка — 12 мөл солкуобай, атын эрэгийиэннэргэ — 6 мөлүйүөн. Кирэдьиити 6%-ҥа биэрэллэр. Бырагыраама усулуобуйатынан, дьиэ тутар тэрилтэттэн ылыллыахтаах. Бастакы усунуоһу ийэ хапытаалынан төлүөххэ сөп.

Итини таһынан «Дьиэ кэргэн ипотекатын» урукку кирэдьиити 6%-ҥа диэри кыччатарга (рефинансирование) туһаныахха сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА