19 Муус устар 19.04
  • -0°
  • $ 93,44
  • 99,58

"Дарханнар Дарханнара" күрэхтэһиигэ түөрт ааттаах-суоллаах оһуохайдьыт кыттар буолла

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олоҥхо ыһыахтарын ааттаах-суоллаах дьуохардьыттарын, оһуохайдьыттарын «Дарханнар Дарханнара» күөн күрэстэрин арыллыыта тэрээһиннээхтик ыытыллан, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтө. Үөһээ бүлүү улууһугар ыраахтан-чугастан мустан, Олоҥхо ыһыаҕын уруйдууллар-айхаллыыллар.

«Дарханнар Дарханнара» күөн күрэскэ 4 оһуохайдьыт кыттар буолла. Ол курдук:

1. 2015 сыллаахха Чурапчы улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Аар Дархана Егор Егорович Егоров (Үөһээ Бүлүү улууһа)

2. 2021 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Аан Дархана — Светлана Николаевна Зедгенидзева (Сунтаар)

3. 2018 сылллаахха Алдан улууһугар ыытыллыбыт
Олоҥхо ыһыаҕын Аар Дархана Афанасий Егорович Алексеев (Дьокуускай куорат)

4. 2013 сылллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Аар Дархана Герман Яковлевич Яковлев (Мэҥэ Хаҥалас улууһа).

«Дарханнар Дарханнара» күөн-күрэс кыайыылааҕа 300 000 солк биһирэниэҕэ.

Кэрэ Түгэхтэй алааһын биир сүрүн күрэһэ саҕаламмытынан бар дьону улуус баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэлээтэ, суруйда https://t.me/admvervil

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА