Сайыммыт бастакы дэкээдэтэ ааста даҕаны, куйаас түһэ илик, күүстээх тымныы тыал салгыны чэбдигирдэр, онон чараас таҥаһынан сылдьар эрдэ курдук. Тарас Тарасов-Тускул Сахабыт Сирин улуустарыгар хаһааҥҥыттан куйаас, хаһыстан этиҥнээх түһэрин билгэлээтэ.
Киин улуустарга:
Бэс ыйыгар үгүс киин улуустарга, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, балай да эрдэ сылыйан, буһарык куйаас саҕаланыаҕа. I дэкээдэҕэ син ардахтаах, онтон атын дэкээдэлэргэ кураанах, ол оннугар этиҥнээх ардах түһүө.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүһүн +21С+23С, түүнүн +8С +10С.
II дэкээдэҕэ күнүс +22С+25С, түүн +16С+18С.
III дэкээдэҕэ күнүһүн +23С +28С, түүн +16С +18С буолара күүтүллэр.
Бу ыйга түүнүн +15 С+ 17 С диэри сылыйан, от-мас, сир аһа үүнэригэр үчүгэй буолууһу.
Бүлүү бөлөх улуустарыгар:
Бүлүү эҥэр улуустарыгар киин улуустары кытары тэҥнээтэххэ балай эмэ итийэрэ күүтүллэр, түүн биллэ сылыйыыһы. I дэкээдэҕэ ардахтаах, онтон атын кэмнэргэ самыыр кыралаан таммалыа.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүһүн +20С+22С, түүнүн +7 С+10С.
II дэкээдэҕэ күнүс +21С +24С, түүнүн +12С +16С.
III дэкээдэҕэ күнүһүн+23С+25С, түүнүн +16С+18С.
Соҕуруу улуустарга:
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга I дэкээдэҕэ ардахтаах буолууһу, онтон атын кэмнэргэ кыралаан түһүөҕэ. Салгын температурата былырыыҥҥы куйааска тиийиэ суоҕа.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +21С+ 23С, түүн +8С +11С.
II дэкээдэҕэ күнүс +22С+25С, түүн +13С+17С.
III дэкээдэҕэ күнүс+23С+25С, түүн +16С+18С.
Өймөкөөҥҥө:
Өймөкөөн улууһугар бэс ыйа балай эмэ сылыйар. Бастакы да, бүтэһик да дэкээдэҕэ ардаҕа олох кэмчи буолууһу.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +19С+21С, түүн +5С+8С.
II дэкээдэҕэ күнүс +18 +21С, түүн +10С+13С.
III дэкээдэҕэ күнүс +20С+23С, түүн +11С+14С.
Үөһээ Дьааҥыга:
Үөһээ Дьааҥы улууһугар былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ сөрүүн сайын буолара күүтүллэр. I уонна II дэкээдэлэргэ этиҥнээх ардах, онтон салгыы көннөрү самыыр түһүөҕэ.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +18С-+21С, түүн +5С+8С.
II дэкээдэҕэ күнүс +18С+21С, түүн +12С+16С.
III дэкээдэҕэ күнүс +20С+23С, түүн +12С+15С.
Абый, Муома, Халыма улуустарыгар:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарыгар былырыыҥҥы куйаастарыгар ханан даҕаны тиийиэ суоҕа, орто сылаас күннэр туруохтара. Бэс ыйын II – III дэкээдэлэригэр балай да ардахтыыһы.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +20С+22С, түүн +6С+9С.
II дэкээдэҕэ күнүс +20С+22С, түүн +15С+18С.
III дэкээдэҕэ күнүс +20 С+23С, түүн +10С+13С.
Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ улуустарыгар:
Аартыка эҥэр улуустарыгар урукку сыллары кытары холоотоххо, сайыннарын саҕаланыытыгар балай эмэ сылыйыыһык. Бастакы-иккис дэкээдэлэргэ сөҥүү түһэрэ күүтүллэр, үһүс дэкээдэҕэ кураан күннэр туруохтара.
Бу ый I дэкээдэтигэр күнүс +2С+6С, түүн +2С+4С.
II дэкээдэҕэ түүҥҥү өттүгэр сөрүүн түһүөҕэ. Күнүһүн +4С+8С, түүнүн +2С+ 4С.
III дэкээдэҕэ күнүс +9С+11С, түүн +3С+3С.
Дэкээдэ диэн ый 10 хонуга ааҕыллар:
I дэкээдэ— ый 1-10 күннэрэ;
II дэкээдэ— ый 10-20 күннэрэ;
III дэкээдэ— ый 20-30 күннэрэ.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй «Саҥа олох»