19 Ыам ыйа 19.05
  • $ 90,99
  • 98,78

Чурапчы улууһугар быыбары тэрийиигэ былааннаах үлэ барар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүҥҥү туругунан Чурапчы улууһун үрдүнэн  олорор сиринэн быыбардыыр быраабы ылыыга бэриллиннэ уопсайа 40 сайабылыанньа.  Территориальнай быыбардыыр хамыыһыйаҕа 29 сайабылыанньа киирдэ, диэн улуустааҕы ТБХ сэкирэтээрэ Виктория Деллохова-Никитинэ иһитиннэрэр.

— Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар бэҕэһээҥҥиттэн үлэлэрин саҕалаатылар, бэҕэһээҥи күн туругунан улуус үрдүнэн, учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга 11 сайабылыанньа суруллунна.

Быыбар күннэригэр о.э балаҕан ыйын 17, 18, 19 күннэригэр испииһэккэ киирэ сылдьар быыбардааччы, быыбар күн атын сиргэ баар буолар түгэнигэр маннык сайабылыанньа суруллар. Бу Российскай Федерация Госдуума дьокутааттарын талыы быыбарыгар суруллар сайабылыанньа буолар, — диэтэ Виктория Деллохова-Никитина.

Хас биирдии учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар миэстэлэригэр сайабылыанньаны хомуйар пууннар үлэлии олороллор. Балаҕан ыйын 8 күнүттэн 13 күнүгэр диэри сарсыарда 10 чаастан саҕалаан 14 чааска диэри улуус ханнык баҕарар олохтооҕо пааспардаах кэлэн сайабылыанньа биэриэн сөп диэн быһаараллар.

Итини таһынан ТБХ бэрэссэдээтэлэ Дария Никитинэ салайааччылаах бөлөх, СӨ “Сахабэчээт” Судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтин “Саҥа олох” хаһыат эрэдээксийэтигэр баһылыктар быыбардарыгар бэчээттэммит бүлүтүөннэри толору ааҕан ыллылар, кэһиллии суоҕа бэлиэтэннэ.

Балаҕан ыйын 17, 18, 19 күннэригэр улуус үрдүнэн быыбардыыр учаастактарынан анаммыт 17 оскуола дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһөллөрүгэр быһаарыы ылылынна, атын оскуолалар бары үөрэх эрэһииминэн үлэлиэхтэрэ.

Источник: «Саҥа олох» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА