22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бюджет үлэһиттэригэр алтынньы 1 күнүттэн хамнастара үрдээтэ, ити эрээри барыларыгар буолбатах

10:01, 02 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 1 күнүттэн бюджет үлэһиттэригэр хамнастара үрдээтэ, ити эрээри барыларыгар буолбатах. Федеральнайдааҕы казеннай, бюджет уонна автономнай тэрилтэлэргэ уонна федеральнайдааҕы судаарыстыбаннай уоргаттарга үлэлээччилэр ылыахтара.


Төлөбүрдэр 3% индексацияланыахтара, ол эбэтэр сыллааҕы инфляция таһымынан үрдээһин көстүө. Маннык төлөбүрдэр байыаннай чаастар гражданскай персоналларыгар, толоруулаах былаас федеральнайдааҕы уоргаттарын тэрилтэлэригэр, салааларыгар байыаннай уонна онно тэҥнээх сулууспаны толорооччуларга көрүллэр, ТАСС суруйар.

Алтынньыттан 1,03 төгүл байыаннайдарга уонна сэбилэниилээх күүстэргэ үлэлээччилэргэ харчынан төлөбүрдэрэ улаатыа. Үрдэтиллибит акылааттарга олоҕуран наркотигы хонтуруоллуур сулууспаттан тохтообуттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин биэнсийэлэрэ хат көрүллүө.

Маны сэргэ бэрэсидьиэн алтынньы 1 күнүттэн судьуйалар хамнастарын акылаатын 3 % улаатыннарар туһунан ыйаахха илии баттаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар