Быйылгы навигация түмүктэнэрэ чугаһаата — 27,3 тыһ. туоннаны уопсай ахсаантан тириэрдиллэрэ хаалла. Ол туһунан Саха сирин бастакы вице-премьера Алексей Колодезников мунньах кэмигэр СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Уу суола арыллаатын кытта, СӨ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыыга 1 197 туонна таһаҕас тиэйиитэ былааннаммытыттан, 1 207 туонната тиэйиллибит. Онтон билигин оройуоттарга 1 181 тыһ. туонната тириэрдиллэн турар.
«Навигация түмүктэнэн эрэр. Билигин 27,3 тыһ. туонна тириэрдиллэрэ хаалла. Ленанан Өлүөхүмэ улууһун наадыйыытыгар — 13,4 тыһ. туонна хаалла. «Михаил Мальчиков» уонна «Магдебург» суудуналар айанныы сылдьаллар. Хонтуруолга тутуллаллар«, – диэтэ Алексей Колодезников.
Кини этэринэн, хоту улуустарга навигация алтынньы 15 диэри уһатыланна. Индигиркэ өрүскэ кыһалҕалар бааллар, онно 1 тыһ. туонна ньиэби тиэммит баржа турар. Уматык 2020-2021 кыстыгар аналлаах.