17 Муус устар 17.04
  • -7°
  • $ 94,07
  • 99,93

Бу сайын көстүбүт носорогу Дьокуускайга аҕаллылар

17:01, 26 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу сайын атырдьах ыйыгар Абыйга көстүбүт түүлээх носорог булумньутун бүгүн Дьокуускайга наукалар Академияларыгар көрдөрдүлэр. 


«Носорог быһа барыллаан үс-түөрт саастаах. Ууга түһэн өлбүт курдук. Булумньу хараллыыта үчүгэй, иһин сорҕото кытта баар. Ити инникитин чинчийиигэ туһалаах буолуо», — диир биологическай наука дуоктара Альберт Протопопов.

Түүлээх носорог оҕотун былырыын атырдьах ыйыгар Тирэхтээх өрүстэн булбуттара. 2014 сыллаахха ити өрүстэн «Саша» диэн ааттаммыт носорог сорҕотун, 2019 сыллаахха «Борис» уонна «Спарта» диэн хайа хахайын оҕолорун бултара.

Палеонтологтар носорог 80% үчүгэй хараллыылааҕын бэлиэтииллэр. Бу иннинээҕи, 2007 сыллаахха булуллубут Халыматааҕы носорог, 60% хараллыылаах диэн этэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА