4 Ыам ыйа 04.05
  • $ 91,69
  • 98,56

Бу күннэргэ Саха сирин баһыйар өттүгэр күүстээх тыал түһүөҕэ

12:18, 02 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр сааскы күн-дьыл туруга суох. Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга уонна кэккэ оройуоннарга дьиҥнээх хаар буурҕа ытыйбыта. Бүгүн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр хаар силлиэ уонна сөкүүндэҕэ 20 миэтэрэҕэ тиийэр күүстээх тыал түһүө диэн сабаҕалыыллар.


“Муус устар 2 күнүгэр Мирнэйгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Бүлүүгэ уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар сарсыарда уонна күнүс арҕааттан, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 13-18 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр. Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар хаардыа, сорох сиринэн хотугулуу-арҕааҥҥы тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ тиийиэҕэ”, — диэн Саха сирин күнү-дьылы билгэлээччилэрин сайтыгар этиллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар