30 Муус устар 30.04
  • -8°
  • $ 91,78
  • 98,03

Босуобуйа ханнык кэмҥэ төлөммөтүн туһунан "Саха сирэ" саайт суруйда

12:01, 15 апреля
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ саайт «Ыйыт-хоруйдуубут» рубрикатыгар босуобуйа ханнык кэмҥэ төлөммөтүн туһунан исписэлиистэртэн туоһуласта. Быһаарыыны салгыы ааҕыҥ.

– “Больничнайга” босуобуйа ханнык кэмҥэ төлөммөтүй?

– “Быстах кэмҥэ үлэлээбэт түгэҥҥэ уонна ийэ буолуунан булгуччулаах социальнай страхование туһунан” 255-ФС 2006 сыл ахсынньы 29 күнүнээҕи Сокуон 9 ыстатыйатын 1 чааһыгар олоҕуран быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕа суох буолуу босуобуйата төлөммөт:

– өскөтүн үлэһит хамнас төлөбүрэ суох уоппускатын кэмигэр ыалдьыбыт, ол эбэтэр бэйэтин суотугар сылдьан ыалдьыбыт буоллаҕына;

– үлэтиттэн тохтотуллубут кэмигэр, өскөтүн бу кэмҥэ хамнаһа төлөммөт буоллаҕын (холобура, арыгы иһэн, наркотигы туттан эбэтэр атын сүһүрдэри туттан үлэҕэ кэллэҕинэ, үөрэтиини уонна үлэ көмүскэлин эйгэтигэр билиитин уонна дьоҕурун бэрэбиэркэтин, булгуччулаах мэдиссиинэ көрүүтүн, ону тэҥэ психиатр көрүүтүн ааспатаҕына, үлэ дуогабарынан ыйыллыбыт үлэни толорууга доруобуйатын туругунан сөп түбэспэтэҕинэ, үлэ буортулаах уонна усулуобуйаларын толорууга булгуччулаахтык ирдэниллэр харыстанар сириэстибэлэри туһамматаҕына, ону тэҥэ температура ураты усулуобуйатыгар толоруллар үлэлэргэ) ;

– хаайыллыбыт эбэтэр административнай хаайыы кэмигэр;

– тэрилтэ үлэлээбэккэ туран хаалыытын кэмигэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА