12 Ахсынньы 12.12
  • -42°
  • $ 103,27
  • 108,56

"Билим": Тэрилтэлэр ааттарын болҕойон аахтахха киһи соһуйар түгэннэрэ бааллар

15:05, 15 ноября
Текст:
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сыл ахсынньытыттан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл” үбүлээһининэн СӨ Тыллар тустарынан сокуон төһө тутуһулларын чинчийэр сыаллаах бырайыагын үлэлэппитэ. Бырайыак эппиэтинэстээхтэрэ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн (дир. Г.Г. Торотоев) иһинэн үлэлиир саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын (сэб. Л.Е. Манчурина) учуонай-уһуйааччылара Дьокуускай куораты уокуруктарынан үллэстэн кэрийбиттэрэ. Салгыы СИА бүгүҥҥү «Билим» бырайыагын таһаарыытыгар ааҕыҥ.

Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ

Болҕомто киинигэр судаарыстыбаннай тэрилтэлэр ааттара, сарай үрдүнээҕи суруктаах вывескалара, үлэ эрэсиимин табличкалара уонна дьиэ эркинигэр ыйаммыт өйдөбүнньүк-дуоскалар, устуоруйа кэрэһитэ буолбут пааматынньыктар, архитектурнай тутуулар суруктара киирдилэр.

Бырайыак толорооччута буоларым быһыытынан мин биир бэйэм Губинскай уокуругу кэрийдим. Бу уокурук судаарыстыбаннай тэрилтэри доруобуйа харыстабылын 5 тэрилтэтин, 5 оскуоланы, 4 орто үөрэх кыһатын, 9 оҕо уһуйаанын, 4 Ис Дьыала министиэристибэтин уорганын, 2 нолуок уорганын, 4 социальнай сулууспа тэрилтэтин хабар.

Барыта 109 эбийиэк хабыллан хаартыскаҕа түһэрилиннэ. Олортон 75 судаарыстыбаннай, муниципальнай тэрилтэ аата, 12 өйдөбүнньүк-дуоска, 6 искибиэр, 11 өйдөбүнньүк, 4 архитектурнай тутуу, 1 часовня. Бу 75 тэрилтэттэн 29 эрэ тэрилтэ сахалыы аата суруллан турара бэлиэтэннэ. Ордук оскуолалар, оҕо уһуйааннара, балыыһалар уонна медицинскэй тэрилтэлэр сахалыы ааттарын сыыһалаах-халтылаах да буоллар, сахалыы тылынан суруйан син ыйыыллар эбит. Бу эргин бэрээдэги араҥаччылыыр тэрилтэ арааһа Ис Дьыала министиэристибэтэ, куттал суох буолуутун хааччыйар федеральнай сулууспа тэрилтэтэ (ФСБ), быстах кэмҥэ буруйдааҕы тутар изолятор (УФСИН), полиция салаалара, хосторо үлэлииллэр. Балар сорохторо сахалыы ааттара баар.

Тэрилтэ аатын сахалыы суруйарга дьыала истиилин нуормалыыр уопсай халыып күн бүгүҥҥэ диэри оҥоһулла илик. Онон ким хайдах талбытынан, төһө сатыырынан тылбаастаан ыйыыра көһүннэ. Балары барытын ким тылбаастаан биэриэхтээҕэ, ким нуормалыахтааҕа эмиэ биллибэт. Судургутук толкуйдаан көрдөххө, тэрилтэ нууччалыы аатын устаабыгар олоҕуран, бэйэтэ сурунан ыйаныахтааҕа буолуо. Оттон сахалыытын?

Бу үөһэ ааттаммыт 29 тэрилтэ аатын сахалыы тылбааһын ырытан көрөн, маннык түмүктэри оҥордум.

Бастакыта, тардыы ситими сүтэрэн, сыһыарыы түһүккэ туттар үгэс олохсуйбут. Холобур: 2 №-дээх оҕо ускуустубаҕа оскуолата (‘Детская школа искусств № 2’) – 2 №-дээх оҕо ускуустубатын оскуолата диир оннугар. Быһаарыым. Тардыы халыыба диэн түүр тылларын төрүт быраабылата, барамай кимиэхэ-туохха сыһыаннааҕын көрдөрөр халыып: оскуола учуутала, балыыһа үлэһитэ, тэрилтэ дьиэтэ, холкуос хотоно. Туохха оскуола? диэн букатын сыыһа, туруору тылбаас халыып. Итинтэн сиэттэрэн билигин туохха министиэристибэ диэн халыыбы олохсута сатыыллар. Холобур: үпкэ министиэристибэ, үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэ, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салаата. Хомойуох иһин, маннык сыысхаллаах туруору тылбаас суруллан турар.

Көннөрөн көрүөҕүҥ: үп министиэристибэтэ, үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын / культура уонна духуобунай сайдыы салаата. Бүтэһик холобурга бастакы түөрт тыл кэнниттэн ситим быстар диэн өйдүүр сыыһа, хас да чилиэннээх ситим синтагмаларга, ол аата кэрчиктэргэ арахсар диэн толкуй олохсуйуохтаах.

Тардыы халыыппытын сүтэрдэхпитинэ, туруору тылбааһынан солбуйдахпытына ийэ тылбыт отуора хамсаарай? Оччоҕо оскуолаҕа учуутал, балыыһаҕа үлэһит, тэрилтэҕэ дьиэ, холкуоска хотон буоларыгар тиийэр. Итинник сыыһа үөскээн дьон кулгааҕар иҥмит ситим саха тылыгар балай эмэ элбэх. Холобур: таҥараҕа итэҕэл, уокка алгыс, эккэ сыана, остуол оонньуутугар күрэс, хомус тардыытыгар маастар-кылаас о.д.а.  Таҥара итэҕэлэ, уот алгыһа, эт сыаната, остуол оонньуутун күрэһэ, хомус тардарга үөрэтэр маастар-кылаас диирбит туох уустуктааҕый?

Тыллар ханан да ситимнэспэккэ, көннөрү кэккэлэспит эрэ түгэннэрэ тэрилтэ аатын сахалыы тылбааһыгар эмиэ көстөллөр эбит. Холобур: Дьиэ кэргэн уонна репродукция доруобуйа харыстабылын киинэ (‘Центр охраны здоровья семьи и репродукции’). Этиигэ тыл бэрээдэгин сөпкө туруордахха, тэрилтэ аата даҕаны оннун булар:  Дьиэ кэргэн доруобуйатын харыстабылын уонна репродукция киинэ.

Сорох тэрилтэ аатын кылгатан тылбаастаабыт холобуру көрүөҕүҥ. Судаарыстыба экологияҕа кэтэбилин Дьокуускайдааҕы кэмитиэтэ (‘Республика Саха (Якутия) Министерство экологии, природопользования и лесного хозяйства’ Якутский комитет государственного экологического надзора’). Толору тылбаас маннык буолуон сөп: Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Экология, сири туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Судаарыстыбаннай экологическай кэтэбил Дьокуускайдааҕы кэмитиэтэ. Икки быһаарыы сэргэстэспит холобура тэрилтэ аатыгар үгүс. Онуоха маҥнай таһымы бэлиэтиир тыла урут турар (судаарыстыбаннай). Аны -най, -скай сыһыарыылаах даҕааһын ааты тылбаастыыр халыып оҥоһулла илик. Тардыы сыһыарыыта сороҕор сөп түбэспэт.

Оҕо уһуйааннарын аатын сахалыы барыйааннара биир халыыпка киирбэккэ араастаан тылбаастанан тураллара үчүгэйэ суох. Дьиҥэр, уһуйааннар, оскуолалар ааттара барыта биир, кыра араастаһыылаах буолар. Биир холобуру ырытан көрүөҕүҥ. Дьокуускай куорат уокуругун оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитэр-үөрэтэр үөрэх тэрилтэтэ 24 нүөмэрдээх “Сардаана” оҕо сайдар киинэ (‘Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение “Центр развития ребенка – детский сад № 24 “Сардаана” городского округа “город Якутск”’). Синтагмаларга арааран тылбаастыыр буоллахха, маннык халыып тахсыан сөп: Оскуола иннинээҕи саастаах оҕону үөрэтэр муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтэ “Дьокуускай куорат” куорат уокуругун 24 №-дээх “Сардаана” уһуйаана – Оҕо сайдар киинэ.

Дзержинскэй уулуссатын 10а куорпуһугар баар СИЗО диэн ааттанар хаайыы аҥардаах сиргэ киирээт, тимир ааҥҥа баар суругу ааҕаат соһуйдум даҕаны, сонньуйдум даҕаны. Быстах кэмҥэ уорбалааччыны уонна буруйданааччыны тутар изолятора. Ол аата сайабылыанньа суруйбут киһини (истец) эмиэ тутан хаайар буоллахтара дуу? Уорбалааччы диэн үҥсэргээччи буолуо диэн өйдүүрүм. Уорбалааччы уонна уорбаланааччы диэн утарыта суолталаах тыллар эбээт. Туохтуурга сыстар бэйэни туһаайыы сыһыарыыта (-н) тыл суолтатын лаппа уларытар. Онон арааһа буукуба көппүт дуу диэн арыый уоскуйдум. (уорбаланааччыны ‘подозреваемый’).

Тылга ээл-дээл сыһыан сурук-бичик култууратын эмиэ намтатар. Оннук холобуру балыыһа аатыгар өйдөөн аахтыбыт. Якутский республиканский кожно-венерологичекий диспансер – Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай бюджетнай тэрилтэтэ. Бу туһунан “Киин куорат” хаһыат олунньу 5 күнүнээҕи 6 № (22657) “Тыл” диэн балаһаҕа таһааран турабыт. Онуоха хаһыаты ааҕар дьон, хата, өйдөөн көрөн, тэрилтэлэрин аатын алҕаһын көннөрөөрү, сөптөөх тылбааска көмөлөһүҥ диэн көрдөһүүлээх биһиэхэ быһаччы суругунан  тахсыбыттара биһирэниэх тустаах.

Киирии тылы сахалыы сөпкө суруйуу эмиэ биир кыһалҕабыт. Сахалыы солбуктара көстүбэтэх тыллар нууччалыы суруллаллара улахан алҕас буолбатах. Холобур, манна даҕааһын ааттар: федеральнай, муниципальнай, бюджетнай, социальнай, медико-биологическай диэн тыллар киирэллэр. Ол да буоллар, сорох тыл нууччалыы да олоҕор сыыһа суруллара үөрэхтээх, суруксут киһи хараҕын аалар: Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ управленията (‘Управление социальной защиты населения и труда г. Якутска при Министерстве труда и социального развития’). “Управление” диэн тыл бүтэһик буукубата “е”. Ис иһигэр киирэн сыныйан толкуйдаатахха, бу министиэристибэ иһинэн үлэлиир Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлин уонна үлэлээх буолууну дьаһайар салаа.

Манна даҕатан эттэххэ, алтынньы 14-22 күнүгэр “Саха тыла судаарыстыбаннай  салалта эйгэтигэр” диэн тиэмэлээх араас тэрилтэ салайааччыларыгар анаан тыл-өс култууратын үрдэтиигэ идэ таһымын үрдэтэр куурус буолан ааста. Кууруска барыта 52 киһи суруйтарбытыттан 40-ча киһи сырытта. Истээччилэр бэлиэтииллэринэн, бу куурус таһыма олус үрдүк, саха тылын дьыала-куолу эйгэтигэр сатаан туттарга, нууччалыы халыыбы сөпкө тылбаастыырга, докумуон уонна судаарыстыбаннай тэрилтэлэр ааттарын сөпкө таба суруйа үөрэннилэр.

Түмүктээн эттэххэ, куораппытыгар баар судаарыстыба тутаах тэрилтэлэрин ааттара барылара сахалыы тылбаастаналлара уонна сыыһата-халтыта суох сөпкө суруллан ыйаналлара буоллар, ийэ тылбыт судаарыстыба тыла буоларын чахчы итэҕэйиэ, сокуон үлэлиир, төрөөбүт тылбытыгар сыһыан харыстабыллаах эбит диэ этибит.

Ааптар: Надежда Ефремова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ дасссыана.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА