21 От ыйа 21.07
  • 19°
  • $ 78,32
  • 89,55

Биир кэлим босуобуйаны ыларга саҥа усулуобуйалары быһааран биэрдилэр

13:29, 21 июля
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Арассыыйа социальнай пуондата от ыйын 21 күнүттэн биир кэлим босуобуйаны анааһын саҥа быраабылаларын киллэрдэ. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

I группалаах инбэлиити, 80 сааһыттан аҕа саастаах биэнсийэлээҕи эбэтэр кырдьаҕас киһини көрүү-харайыы — сайабылыанньа биэрээччи уонна кинини көрөр киһи икки ардыларыгар аймахтыы сибээс баара бигэргэммит эрэ буоллаҕына.

Чугас аймахтарга кэргэнэ, оҕолоро, төрөппүттэрэ, бырааттыы-эдьиийдэр, эбэлэр-эһэлэр уонна сиэннэр киирэллэр. Урут үлэлиир кыаҕа суох киһини көрүү-харайыы аймахтыы сибээс баарыттан-суоҕуттан тутулуга суох билиниллэр этэ.

Маны таһынан, көрүү-харайыы болдьоҕо ааҕыллар кэм устатыгар 10 ыйтан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Өскөтүн көрүү-харайыы онтон кылгас буоллаҕына, наадалаах дохуот таһымын ытыктанар төрүөт суох ыйдарын ахсааныгар тэҥник ааҕан таһаарыахтара.

Эмиэ биир уларыйыы быстах кэмҥэ олоруу эбэтэр дьиҥ олорор сиринэн бэриллибит сайабылыанньаларга сыһыаннаах. От ыйын 21 күнүттэн олорор сир бэрэбиэркэтэ бары сайабылыанньаларга, эрэгийиэҥҥэ олохтоммут муҥутуур кыра дохуот кээмэйиттэн тутулуга суох ыытыллар. Үгүс чахчыны Социальнай пуонда бэйэтэ бэрэбиэркэлиэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова