«Бэйэ дьарыктаах буолуутаСамозанятость» бырагыраамаҕа регистрацияланарга Россия олохтоохторо бонус (налоговый вычет) ылыахтарын сөп. Суумата 10 тыһ солк. Нолуок сулууспатын саайтыгар сурулларынан, бу үп биирдэ эрэ бэриллэр уонна сыаллаах ороскуоттанар, суруйар Российская газета.
Быһаарыыга сурулларынан, самозанятай статустаах киһи уонна индивидуальнай предприниматель дохуоттарыттан чэпчэтиилээх нолуогу төлүүллэр — 4 эбэтэр 6%.
10 тыһ солк «налоговай вычет» оҥоһулларыгар ставка 4%-тан 3%-ҥа түһэр, 6%-тан 4%-ҥа кыччыыр. Холобур, ыйдааҕы дохуот 10 тыһ солк уонна ол суума «физлицоттан» киирбит буоллаҕына, нолуок 400 солк ааҕыллар. Ити эрээри бонус көмөтүнэн 300 солк төлүүр, тоҕо диэтэххэ 100 солк бонустан уһуллар. Бонуһу нолуок эрэ төлөбүрүгэр туттуллар.
Сиһилии https://ysia.ru/pensionery-poluchat-10-tysyach-rublej-pri-oformlenii-samozanyatosti/