23 Муус устар 23.04
  • $ 93,25
  • 99,36

Бэс Күөлүгэр олорор дьиэлэри бу нэдиэлэҕэ тутан саҕалыахтара

15:43, 16 августа 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр олорор дьиэлэри бу нэдиэлэҕэ тутан саҕалыахтара. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочунай бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саха сиригэр сырыытын түмүгүнэн иһитиннэрдэ.  


Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Бэс Күөлүгэр күүстээх ойуур баһаарын түмүгэр барыта 40 дьиэ уокка былдьаммыта, итинтэн 34-дэ биирдиилээн ыаллар олорор дьиэлэрэ, 6 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр. Итини таһынан 15 гараас, 24 баанньык уо.д.а. хаһаайыстыбаннай тутуу умайбыт.

Билигин нэһилиэккэ чөлүгэр түһүү үлэтэ барар. Дьиэлэри алтынньы ортотугар диэри биир кэлим мас панеллартан тутан киллэриэхтэрэ.

Ил Дархан иһитиннэрбитинэн дьиэлэри тутууга 250 мөл солкуобай ороскуоттаныа. 200 мөлүйүөнү АЛРОСА Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө ыытыа. «Итинник быһаарыыны дойду үпкэ миниистирэ Антон Силуанов, хампаанньа дириэктэрэ Сергей Иванов ыллылар», — диэтэ Айсен Николаев.

Дьиэ ис-тас бараанын, миэбэли, бытовой тиэхиникэни ЫБММ нөҥүө көрүллэр үбүнэн ылан ситэриэхтэрэ. Туһааннаах докумуоннар миниистир Евгений Зиничевка тиксэриллибиттэр.

Итини таһынан? улахан тэрилтэлэр, ол иһигэр бырамыысыланнай хас биирдии уоттан эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэни эппиэкэҕэ ылан? харчынан көмөнү оҥоруохтара.

Эрдэ баһаартан эмсэҕэлээбит 175 киһи өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 30 тыһ. көмө харчыны ылбыттара. Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 15 күнүгэр биллибитинэн, сүтүктээхтэр эбии 100-түү тыһыынчаны федеральнай бүддьүөттэн ылыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА