22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Барылас уолаттара Дьааҥы систэринэн айанныыллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьааҥы улууһун уолаттара өбүгэлэрин ыллыктарынан айаннаатылар. Хаарынан бүрүммүт маңан очуос таастары көрө Барылас — Үөттээх — Илин Алыы — Хатырык — Суруктаах — Улуу Тумул — Синньэ Нээки сирдэринэн сырыттылар.


Айаны тэрийээччи, Барылас олохтооҕо Игнат Слепцов айаннарын сыалын маннык кэпсээтэ:

— Адаар таастаах Дьааҥы сахата буоларбынан, туруук таас хайалары, хаардаах тараҕай очуостары одуулаабат сүрэ бэрт курдук диэн санаалаахпын. Ол иһин бииргэ төрөөбүт убайбын Ылдьааны уонна аймахтарбын, убайдыы-бырааттыы Стручковтары кытары «Өбүгэлэрбит ыллыктарынан айан» диэн соруктаах айаңңа туруммуппут.

Барылас ото-маһа, талаҕа да ураты үрдүк. Хойуу, баараҕай үүнүүлээх буолан, быйылгы кураан сайыңңа манна хас да мобильнай биригээдэ оттообута. Бастыҥ отчут Ылдьаа эмиэ сылдьыбыта. «Хойуу оттоох Илин Алыыга улуу курааннарга урут Арыылаах курдук тэйиччи сиртэн кэлэн оттооччулар. Оттон Хатырыкка уһун, суон, баараҕай тииттэр үүнэллэрин көрбүт эрэ бары кэрэхсиир«, — диир кини.

Ыччат дьон сыл хайа баҕарар кэмигэр төрөөбүт сирдэрин кэрийэ үөрэтэллэр.
Суруктаах хайа туһунан кэпсээн баарын, харыстыырдыы маннык анаараллар: «Бу былыргы Дьокуускайтан Дьааҥыга диэри айан суолун аартыга, Худяковка сурулларынан «станция Суруктах» диэн. Суруктаах хайа Саха сирин биир таабырыннаах кэрэ сиринэн биллэр. Манна таас хайаҕа сурук баар буолуон сөп диэн ыраах-чугас сирдэртэн араас эйгэлээхтэр ыйыталаһаллар. Ол эрэн билиҥҥитэ сурук көстө илик. «Суорук» диэн былыргы буойуттар ох сааларыгар «суордуу ук» диэн баар. Ону «суорук» диэн ааттыыллар буолуон сөп. Баҕар онтон үөскээн тахсыбыт «Суоруктаах — Суруктаах» диэн буолуон эмиэ сөптөөх курдук«.

Оттон эбээннии таттарыылаах «Синньэ Ньээки» диэн ураты кэрэ айылҕалаах, оттор да мас көстүүтэ уустуктардаах туундаратыйар, былыргыта ыстаада табатын сирэ буоларын барыластар бары билэллэр.

Игнат: «Серошевскай «Якуты» диэн кинигэтигэр «Улуу Тумул — Дьааҥы сахалара кэпсииллэринэн, Улуу Тойон Таҥара үөскээбит сирэ дииллэр» диэн суруйар. Дьааҥы сахалара түҥ былыргыттан бу сиргэ олохсуйбуттарын ыйар. Ханна баҕарар сырыттарбын дойдубун олус ахтабын, баҕар түҥ былыргы төрүттэрим дойдуларыгар төрөөн-үөскээн улааппыт буоламмын буолуо, атын хантан да кэлэн олохсуйбут киһи буолбатах буоллаҕым. Ханна да буолларбын дойдум ыҥыра угуйар. Төрүт Дьааҥы сахата буоларбынан киэн туттабын», — диир.

Уолаттар бурааннарын собуоттаан, баҕа санааларын толорон, Дьааңы систэринэн айанныыллар.

Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА