15 Тохсунньу 15.01
  • -41°
  • $ 103,44
  • 106,25

Балаҕан ыйын 13 күнэ. Олохтоох омуктар, Юрий Чертов, Степанида Артахинова - Бикипиэдьийэ

09:01, 13 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2007 ХНТ Генеральнай Ассамблеята Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан декларацияны ылыммыт. Бу докумуоҥҥа олохтоох омуктар культуураларын уонна институттарын харыстыыр бырааптара, ону кытары хайа хайысханан сайдыы суолун туталларын бэйэлэрэ быһаараллара этиллэр.

Бу күн Саха сиригэр айбыт-туппут нуучча суруйааччыта, «Полярная звезда» сурунаал сүрүн редактора Юрий Чертов, оҕунан ытыыга XIV Паралимпийскай оонньууларга боруонса призера, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера Степанида Артахинова төрөөбүт күннэрэ. 


Балаҕан ыйын 13 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 256-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 257-c күнэ). Сыл бүтүө 109 күн баар. 

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1229 — Курултайга Чыҥыс Хаан үһүс уола Үгэдэй Монгол импиэрийэтин Улуу Хаанынан биллэриллибит.
  • 1902 — Улуу Британияҕа бастакытын киһи буруйун тарбаҕын суолун туһанан дакаастаабыттар.
  • 1930 — Саха АССР Совнаркома Амуур-Дьокуускай массыына суолун тутарга диэн уураах ылыммыт.
  • 1965 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ доруобуйаҕа буортулаах үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо босхо үүт түҥэтиллиэхтээҕин туһунан уураах таһаарбыт.
  • 1985 — Nintendo хампаанньа Super Mario Bros. («Супер Марио ини-биилэр») оонньууну Дьоппуоҥҥа бастакытын таһаарбыт. Бу оонньуу 20 сыл тухары аан дойдуга саамай киэҥник атыыламмыт оонньуу аатын сүкпүтэ.
  • 2007 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Олохтоох омуктар бырааптарын туһунан декларацияны ылыммыт. Бу докумуоҥҥа олохтоох омуктар культуураларын уонна институттарын харыстыыр бырааптара, ону кытары хайа хайысханан сайдыы суолун туталларын бэйэлэрэ быһаараллара этиллэр.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова