22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Балаҕан ыйын 1 күнэ. Билии күнэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 01 сентября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күн Билии күнүн Арассыыйаны тэҥэ Армения, Беларуст, Казахстаан, Кырргыстаан, Латвия, Литва, Молдавия, Туркменистаан, Украина дойдулара бэлиэтииллэр. 

1821 сыл балаҕан ыйын бастакы күннэригэр Дьокуускайга Ньукуола таҥаратын таас дьиэтэ үлэҕэ киирбит.

1939 сыллаахха Германия Польшаҕа саба түспүт, Аан дойду иккис сэриитэ саҕаламмыт.
Бу күн саха норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, мадьыны, Дыгын оонньууларын чөмпүйүөнэ (2013) Любомир Николаев төрөөбүттэр.

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1651 — Саха сирин бойобуодустубатыгар стольнигынан Иван Акинфов диэн киһи, дьягынан Осип Степанов буолбуттар.
  • 1720 — Сибиир норуоттарыгар христианскай итэҕэли ылыммыт дьон үс сыл устата бары түһээнтэн босхолоноллорун туһунан уураах тахсыбыт. Босхо кыһыл көмүс сүрэх, чаанньык, алтан иһит, “ырбаахыта тиктиҥ” диэн холуста, таҥара мэтириэтэ (икона) бэриллэрэ. Саха киһитэ маннык чэпчэтиини сүрдээх өйдөөхтүк туһаммыта: маҥнай оҕолорун биир-биир сүрэхтиир, онтон – кэргэнин, тиһэҕэр – бэйэтин. Түмүгэр сүүрбэччэ сыл дьаһаахтан босхолоноллоро.
  • 1759 — Коллежскай асессор Михаил Лебедев Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1761 сыл сэтинньи 30 күнүгэр дылы сулууспалаабыта.
  • 1821 — балаҕан ыйын бастакы күннэригэр Дьокуускайга Ньукуола таҥаратын таас дьиэтэ үлэҕэ киирбит.
  • 1870 — Седан кыргыһыытыгар Пруссия Францияны быһаарыылаахтык кыайбыт. Бу кыайыы Германия судаарыстыбалара холбоһоллоругар улахан суолталаах этэ.
  • 1923 — Дьоппуоҥҥа Улахан Канто сирин хамсааһыныгар Токио уонна Иокогама урусхалламмыттар, 105 000 киһи өлбүт. Дьоппуоннар истэригэр бу алдьархай европалыы сиэринэн-майгынан, демократиянан аһара үлүһүйүү сэтигэр буолбут диэн санаа олохсуйбут.
  • 1934 — Саха АССР Норуотун комиссариатын Сэбиэтин «Об организации Народного комиссариата местной промышленности» Уурааҕа тахсыбыт.
  • 1939 — Германия Польшаҕа саба түспүт, Аан дойду иккис сэриитэ саҕаламмыт.
  • 1952 — Пулитцер бириэмийэтин ылбыт Эрнест Хемингуэй романа «Оҕонньор уонна байҕал» тахсыбыт.
  • 1969 — Ливияҕа полковник Муаммар Каддафи былааһы ылбыт. Кини бу дойдуну 42 сыл тухары салайбыта, түмүгэр 2011 сыллаахха Ливияҕа гражданскай сэрии саҕаламмыта.
  • 1970 — Серебрянай Борга (Нүөрүҥгүрү) Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо психоневрологическай диспансера аһыллыбыт.
  • 1991 — Узбекистан тутулуга суоҕун биллэрбит.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА