«Шахтерская слава» норуоттар икки ардыларынааҕы турнир боруонса мэтээлин Саха сириттэн Петр Константинов ылла. Күрэхтэһии бу өрөбүллэргэ Кузбасска ыытылынна. Атын спортсменнарбыт миэстэлэспэтилэр.
Турнирга Саха сириттэн Айсен Потапов, Петр Константинов, Яков Павлов, Константин Капрынов, Ньургустан Иванов, Егор Захаров уонна Белоруссия аатыттан Ньургун Скрябин кытыннылар.
Петр Константинов (57 кг диэри) мэтээли иилиннэ. Кини бастакы киирсиигэ монгол Нямдаваа Сухбаатары (12:2), онтон – Тументей Меткены (4:0) кыайбыта. Финал аҥарыгар японец Юдай Фуджитаҕа 6:11 ахсаанынан хотторор.
Константинов «боруонса» иһин кыаҕын туһанар, 4:2 ахсаанынан Красноярскай бэрэстэбиитэлэ Алимухаммад Алиевы хотор.
Бу эргииргэ Дондук-оол Хуреш-оол бастыыр, иккис миэстэ — Юдай Фуджита, өссө биир боруонса красноярец Арзыл Артыш-оол тиксэр.
Айсен Потапов кыранан мэтээлтэн матар, Ньургун Скрябин бириистээх миэстэҕэ барсыахтааҕа да, эчэйиини ылан, көбүөртэн туоруурга күһэллэр.