Бүлүү улууһун Тыымпытыгар «Ырыа түһүлгэтэ» элбэх хайысхалаах култуура киинэ үлэҕэ киирдэ. Эбийиэк иэнэ 800 кв м, икки сыл тутуута барда. Ол туһунан култуура министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Көрөөччү саалата 150 миэстэлээх, үҥкүү саалалаах уонна гримнэнэр сирдээх, бибилэтиэкэ, музей баар. Аныгы тыас-уус, уот тэрилинэн хааччыллыбыт, кабинеттар толору тэриллибиттэр. Тыымпы артыыстарынан биллэр: Алексей Егоров, Аскалон Павлов, Василий Еремеев, Павел Семёнов уонна да атыттар», — диэтилэр министиэристибэҕэ.
Култуура киинин таһыгар Иннокентий Боронов бюһа туруорулунна, кини аатын бу саҥа эбийиэккэ иҥэрдилэр.
Саҥа култуура «Культура» киинэ национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар.