Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина сэтинньи 2 күнүгэр Бүлүү улууһун социальнай эбийиэктэригэр сырытта. Сосновка сэлиэнньэтигэр тутулла турар Кэт Марсден аатынан Бүлүүтээҕи психоневрологическай интэринээт дьиэтин көрдө.
Психоневрологическай интэринээт бастакы сыбаайата 2019 сыл ыам ыйыгар түһэриллибитэ. Билиҥҥи туругунан 3 этээстээх дьиэ көҥдөйө бүтэн турар, ис үлэтэ саҕаламмыт.
Тутуу болдьоҕуттан хаалыы суох.
РФ бырабыыталыстыбата 2019 сыллаахха 2 миллиард солкуобайы дойду үрдүнэн 17 психоневрологическай диспансеры тутарга ыыппыта. Саха сиригэр 264 мөлүйүөн солкуобай тыырыллыбыта.
Бүлүүтээҕи психоневрологическай интэринээт 150 миэстэлээх интэринээт куорпуһа 2021 сылга тутуллан киириэхтээх.
— Бүлүүтээҕи психоневрологическай киин куорпуһун саҥа дьиэтэ “Демография” национальнай бырайыак үбүгэр тутуллар. Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар тутуллубут эргэ дьиэтэ көтүрүллүөхтээх. Ыалдьар дьон үчүгэй усулуобуйаҕа олоруохтаахтар. Бу дьиэ өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа санитарнай нуормалары, ирдэбиллэри тутуһан тутуллубут бастакы дьиэ буолар, — диэн Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.